Үһүс төгүлүн норуот итэҕэйэр киһитэ — Эдуард Филиппов солотугар киирдэ

Быйылгы быыбарга нэһилиэк олохтоохторо Эдуард Филиппов туһатыгар куоластааннар, үһүс төгүлүн Сунтаар нэһилиэгин баһылыгынан талбыттара.
Бүгүн, балаҕан ыйын 20 күнүгэр «Бартыһаан» култуура киинигэр быыбарга норуот итэҕэлин ылан кыайбыт, Эдуард Егорович Филиппов Сунтаар нэһилиэгэ муниципальнай тэриллии баһылыгын үрдүк солотугар киирэр үөрүүлээх сиэрэ-туома буолла. Бу тэрээһини алгысчыт Людмила Пустолякова — Дьэрэлийэ Күндээр сахалыы алгыс тылын этэн арыйда. Бар дьон итэҕэлин ылбыт Эдуард Егорович, — «Сунтаар нэһилиэгин баһылыгын эбээһинэһин үтүө суобастаахтык толоруом, РФ уонна СӨ сокуоннарын, нэһилиэк устаабын тутуһуом, киһи уонна гражданин бырааптарын ытыктыам, нэһилиэгим дьонун интириэһин көмүскүөм» диэн төрүт сокуоҥҥа илиитин ууран туран, андаҕар тылын биэрдэ. Тэрээһин бастакы түһүмэҕэр быыбардыыр хамыыһыйа бэрэстэбиитэлэ Марфа Семенова быыбар түмүгүн иһитиннэрдэ уонна Эдуард Филипповка баһылыгынан талыллыбытын туоһулуур дастабырыанньаны туттарда. Арассыыйа, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Сунтаар гимнэригэр, мустубут дьон сүһүөхтэригэр туран, тэҥҥэ ылластылар. Аҕа баһылык моойго кэтэр үрүҥ көмүс бэлиэтин СӨ буочуоттаах ытык кырдьаҕаһа, Сунтаар улууһун, Сунтаар, Бордоҥ нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, тыа хаһаайыстыбатын уонна оройуон бэтэринээринэй сулууспатын үлэ бэтэрээнэ Владимир Захаров туттарда.

Үөрүүлээх түгэҥҥэ Сунтаар улууһун Аҕа баһылыга Анатолий Григорьев, Ил Түмэн дьокутааттара Андрей Николаев, Афанасий Постников, Сунтаар улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ульяна Попова, Биир Ньыгыл Арассыыйа Сунтаар улууһун олохтоох салаатын сэкэрэтээрэ Трофим Иванов, Сунтаар улууһун тэрилтэлэрин салайааччылара, Сунтаар улууһун нэһилиэктэрин баһылыктара уонна ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар эҕэрдэ тыллары эттилэр. Маны сэргэ СӨ Бырабыыталыстыбатыттан Ил Дархан Айсен Николаев, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков, РФ Сенатора Сахамин Афанасьев телеграмма нөҥүө бэйэлэрин эҕэрдэ тылларын тиэртилэр. Маны сэргэ үөрүүлээх түгэни Дьоллоох Дьокуускай куораттан биир дойдулаахтарбыт Людмила Спиридонова — Сунтаар Күөрэгэйэ, Фатина Иванова — Дунаайа уонна улууспут бастыҥ ырыа-дорҕоон толорооччулара бэйэлэрин истиҥ ырыаларынан киэргэттилэр.
Түмүккэ, Эдуард Филиппов Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатын, саҥардыы үлэтин саҕалаабыт, баһылык солбуйааччытын Семен Николаевы бар дьоҥҥо билиһиннэрдэ. Сунтаар нэһилиэгэ үүнэ-сайда турарыгар уонна саамай сүрүнэ бэйэ-бэйэни өйдөһүөххэйиҥ, өйөһүөххэйиҥ диэн баҕа санаатын эттэ.

Елизавета ТИТОВА

Читайте дальше