Л.А.Попов аатынан киин бибилэтиэкэҕэ аҕам саастаах дьон мустаммыт
икки нэдиэлэ устата көмпүүтэринэн туттарга, күннэтэ туттуллар дьарыктары баһылыырга үөрэннибит. Бу уустук дьарыкка олохтоохтук санааларын ууран, улаханнык кыһаллан туран бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ Мария Томская, Дима Иванов үөрэттилэр. Аан бастаан үөрэнэ кэлэрбитигэр: «Мин клавитурабар О буукуба суох дии», – диир дьон кытта баар этилэр.
Бу дьарыкка кимнээх үөрэнэллэрий? Манна билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, бэйэлэрин билиилэрин-көрүүлэрин хаҥатыан баҕалаах, олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыан, оҕоттон-сиэнтэн тутулуктанан илиилэрэ -атахтара бааллыан баҕарбат, тупсаран эттэххэ, аҕам саастаах, сирэйинэн ааттаатахха кырдьаҕас дьон түмсэр. Кырдьаҕас киһи толкуйдуура, туттара-хаптара бытаарар. Маннык дьону үөрэтэргэ улахан тулуур, кытаанах ньиэрбэ наада буолара өйдөнөр.
Биһиэхэ көмпүүтэр ис тутулун билэргэ, куттаммакка талкыйан үөрэнэргэ өйдөнүмтүө тылынан быһааран биэрдилэр. Word бырагырааммаҕа тиэкси бэчээттииргэ, араастаан киэргэтэргэ, уларытарга, араас саҥа паапкалары арыйан онно мунньарга, харайарга үөрэттилэр. Биир күн оҥостон олорон табылыысса оҥордубут. Араастаан киэргэтэн, элбэх, аҕыйах столбиктаан , строкалаан кыһаллыы бөҕө буоллубут. Онтон PowerPoint бырагыраамаҕа киирэн саныыр санаабыт, толкуйдуур толкуйбут ыра санаатын олоххо киллэрэн араас презентациялары учууталларбыт улахан көмөлөрүнэн оҥортоон, айаттаан төһөлөөх үөрбүппүт буолуой?! Электроннай почта астаммыт аан дойдуну кытта сибээстэстибит. Эрчиллэн оҕолорбут, билэр дьоммут почталарын умата сыстыбыт быһыылаах.
Төлөпүөммүтүгэр киирэммит араас сыһыарыылары сэрэнэн, куттанан туттубакка сылдьыбыппытын баһылаан, араас быраастарга аһаҕас чаастаах эрэ буоллаллар хайа талбыт суруттарар, дьиэҕэ олорон уоппутун, ыстарааппытын, нолуокпутун көҥүл төлүүр буоллубут. Ол эрээри сороҕор умнан кэбиһиэхпитин эмиэ сөп.
Дьэ, бу курдук олус туһалаах, босхо үөрэх биһиги Сунтаарбытыгар, киин кинигэ кыһатыгар баар. Биһиги иннибитигэр эмиэ үөрэммиттэр эбит. Биһигини сэргэх кыыспыт Тускулаанабыт кэлэн “СААС” биэриигэ сыһыаран, анаан эмиэ таһааран олох ватсап, «Саха» НКИХ сулустара буолан угуйук бөҕө баран, үөрэниэн баҕалаах элбээн, үһүс түһүмэх хайа сах туолла.
Махтал саҥа саҕахтары арыйарга күүс-көмө буолбут учууталларбытыгар!
Зинаида ФЕДОТОВА-Дьол Кыыма