Кыыс кэтэһэр ыһыаҕы
Саҥа таҥас таҥнаары…
Дьахтар кэтэһэр ыһыаҕы
Саҥа ытарҕа кэтээри…
(Наталья Харлампьева)
Кэлиҥҥи сылларга норуот быһыытынан уратыбытын көрдөрөн сахалыы моһуоннаах таҥаһы күннээҕи да олохпутугар кэтэр буоллубут. Улуу тунах ыһыахтар чугаһаан кэрэ аҥаардар саҥа таҥас көрдөөһүнүн түбүгэр түстүбүт. Саҥа таҥастаах ыһыах түһүлгэтигэр маанымсыйан киирэн хаамарбыт, көччүйэрбит, бэйэбитин көрдөрөрбүт төрүт хааммытыгар (на генном уровне) баар диэххэ сөп. Мантан сайын сүрүн түбүкпүтүнэн саҥа таҥас тиктэриитэ, атыылаһыыта буолар. Бу сайын кэрэ куолар ыһыахха тугу кэттэхпитинэ өссө тупсан, киэркэйэн көстүөхпүтүй? Бүтэһик муоданы сырсааччылар болҕойон олорон ааҕабыт.
Саха таҥаһын тигиигэ идэтийбит маастартан быйылгы ыһыахха таҥас муодатын туоһуластыбыт. Ол курдук, Сунтаар улууһун норуотун маастара, “Сарыада” түмсүү иистэнньэҥэ Мутукча Баҕатаан санаатын үллэстэр: “Быйыл сахалыы таҥас, киэргэл муодатыгар суһуох симэҕэ, алтантан ытарҕалар, киэргэллэр, сахалыы стилизованнай халадаай ырбаахылар, куппай соннор, сутуруо этэрбэстэр, өттүк симэҕэ быһыылаах кылтан киэргэтиллибит оҥоһуктар уонна араас быһыылаах хаппардар (сумочкалар) өрөгөйдүүр буоллулар диэн көрөбүн. Алтан киэргэллэр муодаҕа киирбиттэрин үрүҥ көмүс сыаната үрдээбитинэн этэллэр. Халадаай быһыылаах ырбаахылары биллэр таҥас дизайнердара муодаҕа киллэрбиттэрэ ыраатта. Ол иһин, көннөрү халадаай моһуоннаах ырбаахыны кытта сахалыы киэргэллэри кэттэххэ хас биирдии кэрэ куо тупса, киэркэйэ түһэр. Онтон биллэр саха кэрэ куолара стилизованнай, ол аата аныгылыы моһуоннаах халадаайдары кэтэр буоллулар. Холобура, халадаай быһыылаах киэҥ-куоҥ накидкалары, ону тэҥэ бүрүүкэ быһыылаах халадаайдар эмиэ баар буоллулар. Ол эрэн, мин тус бэйэм саха дьахтара ырбаахыны кэттэҕинэ ис-иһиттэн тупсар, нарын быһыыланар-таһааланар диэн көрөбүн.
Холобура, халадаай ырбаахы аҥардас тигиитэ быһа барыллаан 8000 солк, алтан киэргэллэр 2000 солк., этэрбэстэр 15000 солк., куппай кылгас сон тиктэриитэ 4000 солк. саҕаланаллар. Тигиитэ матырыйаала ыараханыттан, таҥас моһуонуттан маастар сыананы бэйэтэ быһар.»
Кэрэ куолар, далбар хотуттар сахалыы таҥаһы кэтиҥ, тупсун, киэркэйиҥ!
Мира АФАНАСЬЕВА