Сунтаар улууһун Кэмпэндээйи нэһилиэгэр аныгы кэмҥэ толору эппиэттиир, киэҥ иэннээх култуура киинэ үлэҕэ киирээри турар. Бу тутуу РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн үлэлиир «Култуура» национальнай бырайыагынан 2022 сылтан тутуута саҕаламмыта. Киэҥ-куоҥ, сырдык эбийиэги «Вим строй», «Виктория+» ХЭУо туттулар.

Бу биир этээстээх култуура киинэ 150 миэстэлээх саалалаах, куруһуоктары ыытарга анал хостордоох, гримеркалаах, үҥкүүлүүр саалалаах, сүрүн тутууга сыста турар сиэдэрэй, үрдүк ураһалаах. Билигин тутуу бүтэн, дизайн бырайыак үлэтэ түмүктэнэн эрэр.

Култуура киинин дириэктэрэ Анна Тотонова саҥа култуура дьиэтэ үөрүүлээх быһыыга-майгыга аһыллара чугаһаабытын, кэлэр ый олунньутугар сып-сырдык, киэҥ-куоҥ дьиэҕэ киирэри үлэһиттэр да, олохтоохтор да долгуйа күүтэллэрин үөрэ кэпсиир.

#Культура #нацпроект

Марфа ИВАНОВА.

Читайте дальше