Айта Крылова (Иванова) Элгээйиттэн төрүттээх ыал ийэтэ, саха норуот уус-уран айымньытын толору баһылаабыт кэрэ аҥар. Бу сайын Туймаада ыһыаҕар оһуокайга «Үтүөлээх этээччи» үрдүк аатын ылбыта, дьиэ кэргэн күрэһигэр иккис үрдэли ситиспитэ. Аны «Саха» НКИХ «Тыый» диэн саха уус-уран айымньытын саамай уустук жанрыгар чабырҕах күрэһигэр Кылаан кыайыылаах буолан 150.000 солк. бириистэннэ.
Санатан эттэххэ киин ханаалбыт олоҥхоҕо күрэһигэр эмиэ олус бэркэ кыттыбыта. Кыра сылдьан чобуо саҥалаах, олоҥхону толорууга бастыҥ көрдөрүүлээх кыыспыт ийэ буолар дьолун кэрэ кэмигэр тохтоон бэйэтин иһиллэнэн бу эйгэҕэ саҥа саҕахтары арыйан эрэриттэн сэмээр үөрэбин. Аны Сибиэрэп үбүлүөйүгэр «Тоҕус оһуордаах түһүлгэҕэ», Олоҥхо түһүлгэлэригэр эйигин күүтэбит.
Унаарытан саҥарар сунтаардар чабырҕахха бу маннык ситиһиибит диэн бээ, соһуччу ээ. Бэрт да бэрт!
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА