Үөрэнээччилэр хайыһарга күрэхтэстилэр

Кулун тутар 26 күнүгэр Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгэр улуус оскуолаларын үөрэнээччилэригэр комплекснай спартакиада чэрчитинэн хайыһар күрэҕэ буолан ааста. Манна уопсайа 17 бэлэмнээх хамаанда хайыһарынан сүүрэн күрэстэстилэр. Тэрээһин аһыллыытыгар улуус үөрэҕэриигэ управлениетын салайааччыта, хайыһар федерациятын бэрэссэдээтэлэ Альберт Иванов күрэх кыттааччыларын көрүстэ, барыларгыгар ситиһиини баҕарда.

Тыҥааһыннаах күрэс былдьаһыы, илин-кэлин түсүһүү кэннэ түмүк маннык буолла:

Улахан оскуолаларга (9 оскуола):

I м. Күндэйэ

II м. Элгээйи

III м. Сунтаардааҕы политехническай лиссиэй-интэринээт

Кыра оскуолаларга (6 оскуола):

I м. Түбэй

II ⁠м. Күүкэй

III м. Маар Күөл

Уопсай түмүк (15 оскуола):

I м. Түбэй

II м. Күндэйэ

III м. Элгээйи

Кыайыылаахтары көһө сылдьар кубогынан, грамоталарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадалаатылар. Ону таһынан, Альберт Иванов 25000 солк. харчынан наҕарааданы туттарда. Тэрээһин кыттыылаахтара астынан, кыахтарын холонон, үөрэн-көтөн тарҕастылар.

Сунтаардааҕы үөрэҕирии управлениетын пресс-сулууспата.

Читайте дальше