Эрдэ сырдаппыппыт курдук, быйылгы үөрэх дьылыгар Сунтаарбыт улууһун үөрэнээччилэрэ биир кэлим оскуолаҕа кэтэр пуормалаах буолуохтаахтар. Санатар буоллахха, оҕолор мээрэйдэрин анаан-минээн Дьокуускай куораттан кэлэн ылбыттара. Сакаастаммыт таҥастар тигиллэн, пуормалары сөмөлүөтүнэн буолбакка, сиринэн аҕалан иһэллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ алын кылаас үөрэнээччилэрин пуормалара кэллэ. Бу туһунан эрдэ мээрэйдэри кэлэн ылбыт «Туйгун» оскуола пуорматын технолога Марина Павлова иһитиннэрэр:
— Бүгүҥҥү күҥҥэ (05.09.2023с.) алын сүһүөх үөрэнээччилэрин, кыргыттар сарафан пуормалара 800 кэмпилиэк кэллэ. Размердара 28-тан 50-нуска диэри. Атын пуормаларбыт айаннаан иһэллэр. Бу балаҕан ыйын 20-с чыыһылаларыгар диэри барыта кэллэҕинэ, оскуолаларынан түҥэтэбит. Пуорма тимэхтэрэ, эрдэ этиллибитин курдук, сахалыы ойуулаах, оҕоҕо харысхал буолар, онон тимэҕи тигэригэр төрөппүт бэйэтин харысхал баҕа санаатын анаан туран тигиэҕэ. Хас биирдии пуормаҕа сыһыарыллар улуус эмблемэтэ баар.
Сиһилии Дмитрий ПЕТРОВ бэлэмнээбит видеотыгар көрүҥ.
Юлия АЛЕКСЕЕВА.