Сунтаар улууһугар 33 оскуола, 19 уһуйаан уонна 4 эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ бааллар. Үөрэҕирии тэрилтэлэрэ саҥа үөрэх дьылыгар оҕолору көрсөргө толору бэлэмнэрин туһунан улуустааҕы үөрэҕирии салалтата иһитиннэрдэ. Ол курдук, тэрилтэлэргэ хапытаалынай өрөмүөннэр бардылар уонна тас оҕо дьарыктанар, оонньуур былаһааккаларын оҥордулар. Бордоҥ нэһилиэгэр “Хатыҥчаан” уһуйаан киин ититэр ситимҥэ көстө. Урукку өттүгэр бу уһуйаан уот ситимигэр тардыллан олорбута. Кириэстээх нэһилиэгин “Солнышко”, Сунтаарга “Сардаана” уһуйааннарын тас эркинин аныгы матырыйаалынан бүрүйдүлэр. Бу үлэлэр ЯЭСК хампаанньа “Итиини харыстааһын” тосхолунан барда. Ону тэҥэ, «Сардаана» уһуйаан акылаатын уларытыыны улуус дьаһалтатын көҕүлээһининэн ыыттылар.
Эбэн этэр буоллахха, үгүс өрөмүөн үлэлэрэ Сунтаар улууһун сайдыытын пуондатын нөҥүө ыытылыннылар. Сунтаардааҕы политехническэй лицей техно пааркатын сарайа өрөмүөннэннэ, Тойбохой оскуолатыгар баһаарынай резервуар оҥоһуллан силигин ситэн эрэр, Сунтаар алын сүһүөх оскуолатыгар салгылатар ситим (вентиляция) тардылынна, Илимниир, Сиэйэ оскуолаларыгар толору хааччыллыы, Туойдаах оскуолатыгар муостатын уларыттылар уонна эмиэ толору хааччыллыы ситимин тардыы үлэтэ бүтэрэ аҕыйах кэм хаалла. Олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагырааманан Бүлүүчээн нэһилиэгэр “Чуораанчык” уһуйааҥҥа оҕо былаһааккатын туруордулар. Эмиэ бу тосхолунан Тойбохой оскуолатыгар былаһаакка оҥоһулла турар.
Быйыл дойду үрдүнэн оскуолаларга үөрэх дьылын саҕаламмытын бэлиэтиир тэрээһиннэр балаҕан ыйын 2 күнүгэр ыытыллыахтара.
Мира АФАНАСЬЕВА