Сылын аайы үөрэх дьыла саҕаланыан иннинэ үөрэх тэрилтэлэрэ бары хайаан да госприемканы ааһаллар. Манна тэрилтэ баһаарынай өттүнэн бэлэмэ, роспотребнадзор ирдэбиллэригэр толору эппиэттиирэ, оҕо үөрэнэригэр бэлэмнээҕэ бэрэбиэркэлэнэр. Быйыл Сунтаар улууһугар баһылык Анатолий Григорьев дьаһалынан госприемка от ыйын 21 күнүгэр саҕаламмыта. Улуус үрдүнэн график быһыытынан уопсайа 56 үөрэх тэрилтэтэ бэрэбиэркэни ааһыахтаах. Билигин Роспотребнадзор Сунтаардааҕы отделыттан Саргылана Иванова, баһаарынай надзортан (ОНДиПР) иниспиэктэр Вячеслав Давыдов уонна Сунтаардааҕы үөрэх салалтатын начаалынньыгын эппиэтинэһин толорооччу Борис Васильев састааптаах хамыыһыйа улууска баар үөрэх тэрилтэлэрин бэрэбиэркэлии сылдьар.
– Бүгүҥҥү тургунан 17 оскуола, 9 уһуйаан уонна биир эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ приемкаланна. График быһыытынан госприемка атырдьах ыйын 8 күнүгэр бүтүөхтээх, – диэн Борис Николаевич иһитиннэрэр.
Марфа Иванова.