Үөлээннээхтэр көрүстүлэр, көрү-нары көҕүлүттэн туттулар

Бүгүн, алтынньы 1 күнүгэр, Аан дойдутааҕы Аҕам саастаахтар күннэрин чэрчитинэн Аллыҥа нэһилиэгин Аҕам саастаахтара «Сааһырдыбыт диэбэппит» диэн көрсүһүү киэһэтигэр түмүстүлэр. Көрсүспэтэхтэрэ, мустубатахтара ырааппыт ытыктабыллаах аҕам саастаах дьоммут сынньанан, үөрэн — көтөн тарҕастылар.
Тэрээһин саҕаланыыта итии чэйдээх, алаадьылаах астаах остуол тула олорор күндү ыалдьыттарбытыгар баһылык солбуйааччыта Анастасия Никифорова эҕэрдэ тылын анаан хас биирдии кэлбит эбэлэргэ тыыннаах сибэкки дьөрбөтө уонна урукку дьылларга түспүт хаартыскаларын түмэн халандаар оҥотторбуттарын бэлэх уунна уонна быйылгы дьылга үбүлүөйдээх дьоммутугар бэлэхтэри туттартаата. Эбэлэрбит уран тарбахтарынан оҥорбут оҥоһуктарын «Аралдьыйар дьарыгым» диэн быыстапка турда. Оскуола «Дьулуур» оҕо тэрилтэтин оҕолоро эҕэрдэ нүөмэр уонна кырачааннар, алын кылаас оҕолоро оҥорбут эҕэрдэ открыткаларын бэлэх ууннулар.Киэһэ устата күндү дьоммут ирэ-хоро кэпсэтэн, ыллаан, «Ромашкалар» уонна «Розалар» диэн хамаандаҕа арахсан оонньоон, бибилэтиэкэ үлэһитэ Александра Айантай бэлэмнээбит көрдөөх оонньууларын оҕолуу күлэн көҕүлүттэн туттулар.Маны таһынан аны кэлэр күннэри былааннарын торумнастылар. Хаартыскаҕа хатанан, күн сарсын Арина , Сулус Осиповтар дьиэ кэргэттэрин ааттарыттан бэчээттээн бэлэх тутуохтара.
Дьаҥ-дьаһах тумнарыгар, куһаҕан тыл, кир-хох хоҥнон иэримэ дьиэлэригэр киирбэтигэр баҕа санаалаах ыраастанар набордаах, ыалдьыбакка этэҥҥэ, ыччакка үтүө холобур буола сылдьалларыгар, үтүө тыллары анатан күндү дьоммут тарҕастылар. Өссө да керсүөхпүт дэстибит, өссө даҕаны үөрүөхпүт диэн атаарыстыбыт. Кэлбит күндү ыалдьыттарбытыгар барҕа махтал! Чэгиэн эрэ сылдьыҥ!

Надежда Иванова, Х.Н.Николаева аатынан култуура киинэ

Читайте дальше