С.А. Зверев-Кыыл Уолун аатынан норуот айымньытын киинин иһинэн тэриллибит «Күбэйэ» үҥкүү бөлөҕө (сал. Николай Баянаев) Үөһээ Бүлүүгэ СӨ култууратын туйгуна, үҥкүүһүт Алла Григорьева аатынан «Сааһы билиммэт кэрэ абылаҥ» диэн үҥкүү күрэһигэр ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр.
Манна уопсайа Бүлүү бөлөх улуустарыттан 18 үҥкүү ансаамбыллара кыттыыны ыллылар. «Күбэйэ» үҥкүү ансаамбыла 35 -55 саастаахтар бөлөхтөрүгэр кытайдыы сапсыыкалаах үҥкүү көрдөрөн 1 үрдэл буоллулар. 30 тыһ. солк. суумалаах туоһу сурук тутан үөрүү-көтүү арыгыстаах кэллилэр. Кыайыылаах бөлөх үҥкүүтүн Сунтаарга ахсынньы 30 күнүгэр Сибиэрэп киинэ быраһынньыктааҕы дьоро киэһэтигэр көрүөххүтүн сөп.
Мира АФАНАСЬЕВА