Улуустааҕы Ыччат бэлиитикэтин отделын тэрийиитинэн, анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар, соҕотох олорор кырдьаҕастарга, элбэх оҕолоох ыалларга улахан көмө оҥоһуллар.
Ол курдук, бу күннэргэ Сиэйэ нэһилиэгин ыччата СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаахтарын ийэтигэр оттук маһын хайытан, туруоран биэрдилэр. Нэһилиэк ыччаттарын сэргэ субуотунньукка, олохтоох кулууп үлэһиттэрэ, оскуола үрдүкү кылааһын үөрэнээччилэрэ сырыттылар.
Түбэй нэһилиэгэр киин ититиигэ анаан аҕалыллыбыт турбалары өрүс уҥуортан таһыыга улахан субуотунньук тэрилиннэ. Манна, биллэн турар, нэһилиэк ыччата, эр дьоно күүскэ үлэлээтилэр.
Оттон Куокунуга киин ититиигэ холбонор ыалларга үлэ эмиэ элбэх. Манна куокунулар эдэр уолаттара күүс-көмө буолан, ититии киириэхтээх ыалларыгар дьаама хаһыытыгар үлэлээтилэр.
Элгээйигэ соҕотох олорор Татьяна Гуриноваҕа оскуола 9 “а”, 11 “а”, “б” кылааһын уолаттара маһын хайытан, туруоран биэрдилэр.
Маннык көмө салгыы ыытылыаҕа.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат.