Улуустааҕы Ыччат бэлиитикэтин отделын тэрийиитинэн улуус үрдүнэн субуотунньуктар көхтөөхтүк ыытылла тураллар. Субуотунньуктар Сунтаардааҕы Ыччат отделын телеграм-каналыгар: https://t.me/molsuntar күннэтэ сырдатыллаллар.
Кыстыкка киирии кэмигэр тыа киһитин түбүгэ-садьыга үксүүр, халлаан тымныйа илигинэ саба тутуллары эрэйэр үлэтэ элбиир. Ол, биллэн турар, үгүс күүһү-кыаҕы эрэйэр, сороххо кыайтарбакка хаалара да үгүс. Тыа сиригэр уталытыллыбат кыстыкка киирии түбүгүн үмүрүтэргэ күүһүн үгэнигэр сылдьар эдэр дьоно суох уустуктары көрсүөххэ сөп. Ону өйдөөн улуус ыччата кыана туттубат аҕам саастаах дьоҥҥо, анал байыаннай дьайыыга сылдьар кэргэннээхтэргэ, оҕолоохторго субуотунньук сиэринэн көмө марафону ыыппыттара балай эмэ буолла.
Ол курдук, бу күннэргэ Күндэйэ ыччата анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар уолларын саҥа тутулла турар дьиэтигэр үлэлээтилэр. Дьиэ муостатыгар тэҥниир, дэхсилиир анал симиэһи (выравнивающай) куттулар. Ону таһынан бу күннэргэ Күндэйэ ыччата СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаахтарын дьиэ кэргэнигэр саһааннарын хайытан, туруоран биэрдилэр.
Оттон Тойбохой көхтөөх ыччата анал байыаннай дьайыыга сылдьар уол ийэтигэр тэлгэһэтин күрүөтэ сууллубутун көтүрэн, саҥа күрүө тутан биэрдилэр.
Түбэй-Дьаархан ыччата нэһилиэк ытык кырдьаҕас олохтооҕо Савва Титовичка саһаан маһын хайытан, туруоран биэрдилэр.
Түбэй ыччатын эр хоһууннара уонна олохтоох эр дьон кыттыһан СВО-ҕа сылдьар биир дойдулаахтарын дьонугар уонна аҕам саастаах олохтоохторго мас саһааннаан, олохтоох дьаһалта тыраахтарынан дьиэлэрин таһыгар киллэрэн биэрдилэр.
Бу курдук күүстэрин үгэнигэр сылдьар эдэр дьоммут үтүө санааларынан биир дойдулаахтарыгар күүс-көмө буолаллара, үлэлэрин үмүрүтэллэрэ үгүстэргэ холобур буолар кэриҥнээх хайҕаллаах дьыала.
“Сунтаар сонуннара” хаһыат.
Хаартыска «Сунтаар ыччата» ТГ-каналтан ылылынна.