Сунтаар Бүлүүчээнигэр баар «Ситис» лааҕыр оҕолору арааска уһуйар, угуйар. Бу күннэргэ Сунтаар көхтөөх үөрэнээччилэрэ «Волонтердары сайыннарабыт» диэн сыаллаах-соруктаах лааҕырга сэттэ күн устата арааска үөрэннилэр. Биир күн Бүлүүчээн оҕолорун кытта көрсөн, көтөр ферматыгар ыалдьыттаатыбыт. Ол кэннэ оҕолор түмүктүүр күннэригэр эбээлэргэ умнуллубат күнү бэлэхтээтилэр. Ол курдук, Бүлүүчээн саастаах кэрэ аҥаардарын лааҕырдарыгар ыҥыран, аҕалан дьоро күнү тэрийэн оонньоттулар, аһаттылар, атах тэпсэн олорон сэһэргэстилэр. Бу курдук ыччат дьон үтүө дьон буоларга иитиллэллэр. Санатан эттэххэ, Сунтаарга быйыл Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сыла.
Тускулаана ГОРОХОВА-КОБЕЛЬЯНОВА