Саха өрөспүүбүлүкэтин күнүн көрсө Сунтаар нэһилиэгиттэн 7 км тэйиччи сытар Сэбиэскэй былаас олохтонуутугар олохторун толук уурбут хомсомуолларга аналлаах пааматынньыкка харыйа лабаатыттан өйдөбүнньүк гирлянда уурдулар. Бэлиэ түгэҥҥэ элбэх ыччат кэлэн кытынна.
Улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Васильев 1922 с. эдэркээн хомсомуол уолаттар саҥа былааһы олохтуурга көмөлөспүттэрин, кинилэр хорсун быһыыларын билиҥҥи ыччакка билиһиннэрэн кэпсээтэ. Сорохтор маннык улахан историческай суолталаах түгэн Сунтаарга буолбутун сөҕө иһиттилэр.
Оттон салгыы Сунтаар нэһилиэгэр баар бартыһааннар пааматынньыктарыгар эмиэ гирлянда уурдулар.
Маннык ыччат кыттыылаах көрсүһүүлэр, тэрээһиннэр эдэр көлүөнэҕэ патриотическай иитии биир көрүҥэ буоларын бэлиэтиир тоҕоостоох. Дьоллоох олохпутун турууласпыт дьоммут ытык аатттарын умнуо суохтаахпыт.
Мира АФАНАСЬЕВА