Кулун тутар 1-9 күннэригэр Сунтаар нэһилиэгин оскуолатын үөрэнээччилэрэ, Н.М. Родионова аатынан Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин иһинэн үлэлиир “Глобус” ДОО бөлөҕө Сунтаар – Мииринэй – Москва – Новгород – Ильмень – Санкт-Петебург – Москва – Мииринэй – Сунтаар маршрутунан профориентационнай хайысхалаах “Билет в будущее” экспедиция турга сылдьан кэллилэр. Бу профтур Сунтаардааҕы Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин тэриллибитэ 65 уонна Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө ыытылынна. Бу айаҥҥа оҕолору илдьэ сылдьыбыт салайааччылартан биирдэстэрэ Оҕо дьоҕурун сайыннарар киин эбии үөрэхтээһиҥҥэ педагога Галина Николаевна Лидочен суоллааҕы бэлиэтээһиннэрин, тур кыттыылаахтарын санааларын таһаарабыт.
Биһиги кулун тутар 1-9 күннэригэр оҕолору илдьэ профтур-экспедицияҕа баран кэллибит. Бу экспедициябыт үс хайысхалаах: култуурунай, образовательнай, патриоттуу. Барыта 25 оҕо: 1 нүөмэрдээх оскуолаттан 19, лиссиэйтэн – 5, колледжтан – 1 уонна икки салайааччы: мин уонна 1 нүөмэрдээх оскуола 10 б кылааһын салайааччыта Андросова Наталья Самуиловна.
Кулун тутар 1 күнэ
Бастакы күммүтүгэр Москваҕа көтөн түһээт тута аэропортан Москватааҕы судаарыстыбаннай университекка тиийдибит. Манна 3-с кууруска үөрэнэр Надежда диэн кыыс Ломоносов кимин-тугун оҕолорго билиһиннэрэн, кылаабынай гуманитарнай куорпуһу көрдөрөн экскурсиятта. Ол кэннэ Богомазова Ольга Леонидовна диэн МГУ приемнай хамыыһыйатын психолог-профориентологын көрсөн кэпсэттибит. Ольга Леонидовна былырыын атырдьах ыйыгар Кэмпэндээйигэ “Сир уустара” профориентациялыыр лааҕырыгар кэлэн үлэлии сылдьыбыта. Бу университекка хайдах туттарсан киириэххэ, үөрэниэххэ сөбүн сиһилии билиһиннэрдэ. Кини оҕолору олох толлумаҥ диир. Бу университекка киириэхтэрин баҕарар оҕолор баар буоллахтарына, бу маннык бөлөҕүнэн историяҕа, обществознаниеҕа үрдүкү баалы ылар гына төлөбүрдээх индивидуальнай консультацияны ыытыан сөбүн эттэ.
Кулун тутар 2 күнэ
Бүгүн айаммыт иккис күнэ. Подольскайга Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай туризм уонна сервис университетыгар сырыттыбыт. Манна олус үчүгэйдик көрүстүлэр: үөрэнэр сиргэ экскурсиялатан, 3 маастар кылааска сырытыннаран, чэйдэтэн… Анна Александровна диэн деканы профориентация үлэтигэр солбуйааччы араас хайысхаларынан сирдээн илдьэ сылдьан билиһиннэрдэ. (Кэлин маннык олус истиҥник суруйбут этэ (ааптар): “Спасибо большое Вам за посещение нашего Института. Очень надеюсь, что вам понравилось и с удовольствием будем дружить и принимать участие в совместных мероприятиях. С уважением, Анна Александровна”).
Бу күн эбиэт кэннэ оҕолору илдьэ Бырабыыталыстыба манежнай болуоссатыгар буолбут “Московская неделя высокой моды” сырыттыбыт. Манна Ньурбаттан төрүттээх, билигин Санкт-Петербурга олорор ZAZA моделларын көрдүбүт. Көрдөрүү бэрт чаҕылхайдык ааста. Кыыстыын-уоллуун бары да сэргээтилэр ахан.
Кулун тутар 3 күнэ
Бүгүн ВДНХ-ҕа сырыттыбыт. “Арассыыйа” быыстапка-форумҥа туруоруллубут Саха сирин павильонун көрдүбүт. Оҕолор олус элбэх павильону, тоҕуоруспут дьону-сэргэни сөҕө-махтайа көрдүлэр. Салгыы Поклонная Гора диэн сиргэ баар Кыайыы мемориалын “Лица Победы” отделыгар сырыттыбыт. Манна Сунтаар улууһуттан улахан миссиялаах кэлбиппит. Поклоннай Гораҕа баар Кыайыы түмэлигэр Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт биир дойдулаахтарбыт ааттарын үйэтитэргэ «Сохрани память семьи в истории Великой Победы” аахсыйабытын саҕалыыр сыаллаах. Аахсыйабытын саҕалаан Сунтаар улууһуттан Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттыбыт 71 орденоносец буойун аатын киллэрдибит. Манна бастакынан Акимов Гаврил Титович аата киирдэ. Бу аахсыйаны 2025 с. муус устар 10 күнүгэр диэри түмүктүүр былааннаахпыт. Татьяна Петрова уонна Юлия Соловьева диэн түмэл кылаабынай администратордарын кытта “Лица Победы” салгыы үлэлэһиэх буолан кэпсэттибит. Ханнык да оройуонтан, муниципалитеттартан маннык элбэх улахан информацияны аҕалан анаан-минээн туттара иликтэр диэн олус үөрэ сөхтүлэр. “Сыаналаах, дьоһуннаах балысхан үлэ” диэн хайҕаатылар.
Кулун тутар 4 күнэ
Новгород уобалаһыгар айаннаатыбыт. Старая Русса, Устрека, Рётле уонна Ильмень күөлгэ сырыттыбыт. Манна Виктор Бучацкай, Старорусскай оройуон Наговскай дьаһалтатын баһылыга, бэйэтинэн илдьэ сырытта, барытын сиһилии көрдөрдө. Экскурсияҕа урукку баһылык, билигин бэтэрээннэр сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, Валентина Перминова кытынна. Кини:“1993 с. бу сиргэ ураһа өйдөбүнньүк тутуллан, олус да тэрээһиннээхтик дьаһаммыт эбиппит. Сахалар эһиги баар буолаҥҥыт Ильмень күөлүнээҕи история сырдатыллыбыта”, – диир. Бу Ураһа пааматынньыкка үөрэнээччибит Андрей Николаев хос эһэтин Ксенофонтов Андрей Михайлович аатын булан олус долгуйа көрдүбүт. «Сунтарцы в боях за Родину» кинигэни (сигнальнай барыйаанын), «Наследники Победы» фотоальбому бэлэх туттаран хааллардыбыт. Бу «Сунтарцы в боях за Родину» кинигэни, сувенирдары спонсордаан, оҥорон биэрбит Сунтаардааҕы Ыччат отделыгар барҕа махтал буоллун.
Кулун тутар 5 күнэ
Санкт-Петербурдааҕы управление технологиятын уонна экономика университетыгар сырыттыбыт. Манна профориентационнай үлэ: билсиһии, лиэксийэ, экскурсия сиэринэн барда. Сорох оҕолорбут университеты олус сөбүлээн манна кэлиэхтэрин баҕардылар. Эбиэттэн киэһэ Норуоттар икки ардыларынааҕы чэй музейа диэҥҥэ сырыттыбыт. Манна чэй арааһын көрдүбүт, чэй арааһын дегустациялаттылар, викториналарыгар кытынныбыт.
Кулун тутар 6 күнэ
Санкт-Петербурдааҕы орто үөрэххэ ханнык хайысхалар баалларын билсистибит. Маны таһынан бүгүн Санкт-Петербурга Саха сирин Бастайааннай Бэрэстэбиитэлистибэтигэр сырыттыбыт. Петров Евгений Михайловичка, постпредство кылаабынай сүбэһитигэр, махталбытын этиэ этибит. Олус үчүгэйдик көрүстэ, оҕолордуун алтыста. А.И. Герцен аатынан Арассыыйа судаарыстыбаннай педагогическай университетыгар үөрэнэ сылдьар Саха сирин устудьуоннарын кытта көрүстүбүт. Устудьуоннар оҕолорго олус үчүгэй сүбэлэри биэрдилэр. Ольга Жукова диэн “Хороводы России” салайааччыта кэлэн кэпсэттэ. Олус интэриэһинэй, уопсастыбанньык киһи. Ыччат политикатын салайар. Байыаннай дьайыы волонтера. Элбэҕи кэпсээтэ-ипсээтэ. Эрдэттэн кэпсэтэн илдьэ барбыт этиҥ түспүт маспытын, харысхал хайдах оҥоһулларын быһааран хааллардыбыт. Истиҥ кэпсэтиибитигэр уйадыйан ыллыбыт.Волонтердары кытта сахалары эмиэ көрсөллөрүн кэпсээтэ. Бүлүүттэн төрүттээх волонтер дьахтары көрүстүбүт. 23 сыл Питергэ олорбут эбит. Бааһырбыт саллааттары көрөллөрүн-истэллэрин кэпсээтэ.
Кулун тутар 7 күнэ
Ленинград көмүскэлин музейа диэҥҥэ сырыттыбыт. Наһаа үчүгэй эскурсоводу биэрдилэр. Евгений Михайлович эрдэттэн кэпсэтэн барытыгар босхо сырыттыбыт. Манна «Выстоявшие блокаду Ленинграда» хартыына быыстапкатын аһыллыытыгар түбэһэ түһэн бэлиэ түгэн кыттыылаахтара буоллубут. Быыстапкаҕа А.Л. Штиглиц аатынан Санкт-Петербурдааҕы судаарыстыбаннай художественнай-бырамыысыланнай академиятын устудьуоннарын хартыыналара көрдөрүүгэ туруоруллубуттар. Биһигини кыбыстыахпытыгар диэри хаартыскаҕа түһэрии бөҕө буоллулар.
Кулун тутар 8 күнэ
Сарсыардаттан Невскэй проспегынан экскурсиялаатыбыт. Казанскай Собору, Дыбарыас болуоссатын, Эрмитаһы, Арассыыйа этнографическай музейын, о.д.а. астына көрдүбүт.
Питертэн Москваҕа поезка олорон айаннаатыбыт. Москваҕа тиийэрбитигэр биһигини учуонай-практик, география наукатын кандидата, доцент Каскырбай Рашид Каскырбаевич көрсүбүтэ. Олус үчүгэйдик кэпсээн-ипсээн, арыаллаан сөмөлүөккэ атаарбыта.
Бу күн өссө Кыһыл болуоссакка, Александрийскай саадка сылдьыбыппыт. Үйэлээх төлөнү көрбүппүт. Манна “Города герои” диэҥҥэ оҕолор хос эһэлэрэ ханна сэриилэспиттэринэн хаартыскаҕа түспүттэрэ. Ол сырыттахпытына эмиэ биһиги оҕолорбут саастыы “Семеновксай полк” уолаттара кэлэн Ытыктабыл өйдөбүл күнүгэр сибэкки уура сылдьаллар этэ.
Биһиги бу айаммыт-сырыыбыт табыллыбытыгар улахан махталбытын “Северный колорит” айар холбоһукка биллэрэбит. Капитонов Карл Алексеевич куратордаан олус үчүгэйдик илдьэттии сырытта. Уонна, биллэн турар, улахан махталбыт уопсай салайааччыбытыгар Обоюкова Варвара Валерьевнаҕа.
Айан кыттыылаахтарын, төрөппүттэрин тур туһунан санаалара
Профтур-2024 бэркэ табылынна, маршрут даҕаны сонун, билсибит эбийиэктэрэ да мэнээк киһи сылдьыбат сирдэрэ. Ол курдук МГУ диэн “святая святых” сиргэ киирэн, өссө аудиторияҕа олорон… санаабыт да кыайбат. Показ моды сылдьыбыккыт эмиэ биир дьикти түгэн. Ильмень күөлү илэ харахтарынан көрөн хайдахтаах быһылаан ааспытын оҕолор кыратык да сүрэхтэригэр киллэрбиттэрэ биллэр. Подольскайга Туризм институтугар сылдьыы эмиэ биир үтүө өйдөбүл, сэдэх идэни биллилэр. Питер бэйэтэ биир туспа эйгэ. Улахан тэрээһини этэҥҥэ түмүктээбиккитинэн эҕэрд уонна бу туру көҕүлээччи, салайааччы Галина Николаевнаҕа, кылаас салайааччыта Наталья Самуиловнаҕа, Москва, Питер куораттарга иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьыбыт Варвара Валерьевнаҕа, Карл Алексеевичка барҕа махтал! Үлэҕитигэр, олоххутугар табыллыыны, доруобуйаны, дьолу баҕарабын.
Ытыктабылы кытары Майя Колесникова эбэтэ Галина Никандровна.
Утуйан сынньанан, уубутун ханан турдубут. Наһаа үчүгэй профтур буолла. Улахан махтал Галина Николаевнаҕа, биһиги тэрийээччибитигэр, Варвара Валерьевнаҕа, Карл Алексеевичка, «Северный колорит'» тэрилтэ салайааччыларыгар. Бу курдук улахан “насыщенный программа” биһиэхэ эрэ анаан тэриллибитигэр. Оҕолор элбэҕи билэн-көрөн кэллилэр диэн эрэнэ саныыбыт. Төһө да сылайыы-элэйии барбытын иһин, бу маннык сылдьыбыттарын үйэлээх саастарын тухары саныы сылдьыахтара!
Уонна төрөппүттэрбитигэр эмиэ туспа махтал. Оҕо маннык сылдьан сайдар, көрүүтэ-истиитэ кэҥиир.
Махталы кытта, Андросова Наталия Самуиловна,
тур салайааччыта уонна А.П. Павлов аатынан ССОШ 10 “б” кылааһын салайааччыта.
Спасибо за репортаж! Оннооҕор бэйэбит сылдьыспыт курдук сананныбыт.
Николаев Андрей ийэтэ Николаева Любовь Кирилловна.
Итинник профтурдар бааллара аһара үчүгэй. Ааспыкка мунньахха эмиэ үчүгэй этии киирбитэ. Манна Дьокуускайга эмиэ профтурдууллара буоллар үчүгэй буолуо этэ. Улахан махтал Галина Николаевнаҕа, Наталья Самуиловнаҕа, Варвара Валерьевнаҕа уонна Карл Алексеевичка!!!
Вика Платонова ийэтэ Прокопьева Сардаана Григорьевна.
В эти весенние дни я с одноклассниками под руководством Галины Николаевны и Натальи Самуиловны, при финансировании наших родителей (спасибо им, за такую возможность что дали нам) съездили по маршруту Москва-озеро Ильмень-Санкт-Петербург. Целью поездки было ознакомление с учебными заведениям этих городов. Каждый день мы ходили по колледжам и университетам, было много познавательных экскурсий и поездок. В Санкт-Петербурге мы побывали в музей чая, где нам рассказывали про чай, как придумали чай, какой народ придумал, как он появился в России. Нас угостили 8 разными чаями, от черного до зеленого, ещё нам устроили игру, в которой надо было отгадать из 8 разных чаев, угадать какой это чай на вкус, было очень интересно и необычно. Эрмитаж это один из крупнейших музеев мира, расположенный в центре города. Является одной из основных туристических достопримечательностей России. Коллекции Эрмитажа включают произведения искусства со всего мира, начиная от древних времен до наших дней, включая произведения Рубенса, Рембрандта, иконы, древнеримские античные скульптуры и многое другое. Эрмитаж также славится своими прекрасными интерьерами и архитектурой. Это Зимний дворец императоров, и поэтому там со входа чувствуется атмосфера того времени. Золоченые колонны, красивые лестницы, расписанный потолок. И там очень много картин знаменитых художников как Леонардо да Винчи, Рафаэль, Рембрандт, Рубенс, мебель того времени, статуи… Мне больше всего понравился Древний Египет, артефакты из Древнего Египта. Эта уникальная коллекция включает в себя древние реликвии, такие как скульптуры, фрески, мумии, предметы повседневной жизни и другие артефакты, которые позволяют посетителям увидеть историю и культуру древнего египта из первых рук. Мне очень понравилось. Второй музей, в котором мы побывали – Этнографический музей, является одним из крупнейших музеев этнографии и антропологии в мире. Он представляет богатую коллекцию предметов культуры и быта народов мира, включая уникальные экспонаты из традиционной жизни и искусства различных эпох и культур. Музей располагает более миллиона экспонатов, относящихся к более чем 150 этнографическим регионам мира. Здесь можно увидеть предметы быта, одежду, украшения, религиозные артефакты и многое другое, представляющие различные народы и культуры. Я интересовался Средней Азией и Европейской частью России, очень интересно.
Своими впечатлениями поделился Иннокентьев Артем,
обучающийся 10 “б” класса ССОШ №1 им. А.П. Павлова.
Государственный мемориальный музей обороны и блокады Ленинграда – это уникальное место, которое позволяет нам окунуться в историю одного из самых трагических периодов Великой Отечественной войны. Дни блокады Ленинграда оставили глубокий след в сердцах всех, кто стал свидетелем этого страшного времени. Музей предлагает посетителям не только увидеть экспозиции, посвященные осажденному городу и его жителям, но и услышать истории выживших очевидцев. Эти истории о подвиге и сопротивлении Ленинградцев наполняют нас глубоким уважением к людям, которые смогли сохранить достоинство и противостоять трудностям. В Государственном мемориальном музее обороны и блокады Ленинграда мы познакомились с историей дней блокады, которая продолжалась с 1941 по 1944 годы. Мы узнали о страшных условиях, в которых жили горожане, о голоде и холоде, но и о героизме и сопротивлении. Музей привлек внимание детей и взрослых своими множеством экспонатов и фотографий, помогающих представить себе те трудные времена. Поучительная история, которая никогда не должна быть забыта. Государственный мемориальный музей обороны и блокады Ленинграда: память о подвиге. Государственный мемориальный музей обороны и блокады Ленинграда – это место, где можно погрузиться в историю трагических событий дней блокады. Музей рассказывает о героической борьбе жителей Ленинграда и о тех, кто пришел на помощь городу. Операция «Полярная звезда», которая произошла Ленинградском, Волховском и Северо-Западном фронте в феврале и марте 1943 года… Эта операция стала не только символом отваги и выносливости, но и принесла большие потери для народа Якутии. Одним из участников этой операции был мой прапрадедушка Селляхов Василий Иванович. Он был членом лыжной бригады, отправившейся на озеро Ильмень, как и большинство якутов. Операция «Полярная звезда» это был пример того, что вся Россия сплоченно сражалась в бок о бок, вся Россия помогала Ленинграду отбить коварные нацистские руки с Ленинграда Визит в этот музей был незабываемым и позволил мне взглянуть на историю блокады глазами многих людей.
Отзыв написал Сергеев Юрий, обучающийся Сунтарской СОШ №1.
Организация профориентационных экскурсий – это возможность познакомить старшеклассников с многообразием профессий. Экскурсии способствуют привлечению детей к освоению разных специальностей, востребованных и интересных. В рамках нашей школьной программы мы посетили такие города, как Москва, Нижний Новгород и Санкт-Петербург, также побывали в Новгородской области в Старорусском районе, где произошла битва на озере Ильмень. До экскурсии наша учительница Зинаида Яковлевна провела классный час на тему «Битва на озере Ильмень», это сражение, произошедшее 23 февраля 1943 года. Эта битва и по сей день остается в памяти якутян как одно из самых кровопролитных за все время Великой Отечественной войны. Тогда в боях за освобождение Старой Руссы героически погибли более шестисот славных сынов народа саха.
Еще по рассказу моей мамы я знаю, что там находится могила Ксенофонтова Андрея Михайловича, брата моего дедушки Ксенофонтова Кирилла Егоровича. Андрей Михайлович и воины якутяне были в составе четырех лыжных бригад, которые намеревались наступать на Старую Руссу с севера через озеро Ильмень под покровом ночи. Однако прямо на льду бойцы-лыжники попали под бомбардировки врага, и там погибло много молодых ребят. Только в одной 19-й бригаде было около 400 солдат из Якутии.
Я горд, что посетил эти священные земли, возложил цветы к мемориальному комплексу Вечной Славы, увидел имя моего дяди, участника Ильменского сражения, в годы Великой Отечественной войны.
Местные жители рассказали, что почитают и охраняют памятник, от того я еще больше рад! Огромное СПАСИБО им!
Андрей Николаев, обучающийся 10б класса ССОШ №1 им. А.П.Павлова,
правнук погибшего в озере Ильмень Ксенофонтова Андрея Михайловича.
Начало пути
В 4 утра мы начали сбор в ЦДТ, попрощавшись с родителями, нас разделили на 2 команды, и мы сели в 2 Хайса «Миллионика» и поехали на аэропорт в Мирный
В 7 утра мы доехали, пару минут мы разгружали багаж. Мы зашли в аэропорт и стояли рядом с рентгеном, наши багажи очень внимательно осмотрели и через минут 20 мы уже сидели в салоне самолёта «Алроса».
Наш полёт длился почти 6 часов, мы успели поиграть, пообщаться, поесть и поспать, а когда мы проснулись самолёт совершал посадку в аэропорт «Внуково». Нас встретили Варвара Валерьевна и её сын Карл Алексеевич. Огромная СПАИБО ИМ. Они нас отвели в отель «Байкал».
Мы были очень уставшими, мы поели, приняли душ и легли спать.
Дамир Потапов, обучающийся 10 «б» класса ССОШ №1.