1977 сыл ыам ыйыгар Москва уонна Ленинград куоракка ыытыллыбыт түмэллэр аан дойдутааҕы сэбиэттэрин XI генеральнай конференцияларыгар бу бэлиэ күн уурааҕа ылыллыбыта. Онтон ыла сылын аайы бу күн Арассыыйа түмэллэригэр араас сэргэх тэрээһиннэр түүҥҥэ диэри тэриллэр буолбуттара.
Саха сирэ элбэх түмэллээх регион ахсааныгар киирсэр диирбит алҕас буолбата буолуо. Ол курдук, муниципальнай, оскуола түмэллэрэ хас улуус, оройуон, хас нэһилиэк аайы бааллар.
Биһиги улууспутугар эмиэ олус баай историялаах, элбэх экспонаттаах түмэллэр аҕыйаҕа суохтар, дьон-сэргэ сөбүлээн сылдьар, оҕо, ыччат түмэллэртэн бэйэлэрин билиилэрин хаҥатан элбэх матырыйааллары булан, үгүс күрэстэргэ, научнай-практическай конференцияларга ситиһиилээхтик кытталлар.
Баай экспонаттаах Элгээйи түмэлэ
Б.Н. Андреев аатынан Элгээйитээҕи региональнай музейнай экологическай киин иһинэн икки түмэл үлэлиир: дьоҥҥо-норуокка биллэр, араас кыыллар-көтөрдөр чуучаларынан оҥоһуллубут баай экспозициялаах Борис Николаевич Андреев төрүттээбит Айылҕа түмэлэ (салайааччы Анна Иванова) уонна Элгээйи нэһилиэгин историятын, кыраайы үөрэтэр Еремей Аввакумов төрүттээбит «Туойдаах Алаас» түмэлэ (салайааччы Айгыына Николаева). Икки түмэлгэ уопсайа холбоон 28 үлэһит үлэлиир: 8 эбии үөрэх педагога, музейнай үлэһиттэр: таксидермист, лабораан, худуоһунньук уонна техүлэһиттэр.
Уопсайа Айылҕа түмэлигэр 4784 экспонат баар, олортон чуучалата – 1664. «Туойдаах алаас» түмэлгэ уопсайа 14836 экспонат хараллар, онтон этнография салаатыгар 2000 кэриҥэ сэдэх экспонаттар дьон көрүүтүгэр тураллар.
Айылҕа түмэлин экспонааттарыгар сыл аайы моль утары эмтээһин, реставрация, саҥа экспонаттары оҥоруу үлэлэрэ тохтоло суох ыытылла тураллар.
Айылҕа түмэлин пуондатын харайааччынан Августина Жиркова сүрдээх эппиэтинэстээхтик ылсан үлэлии-хамсыы сылдьар.
Кыраайы үөрэтэр түмэл
1936 с. Тойбохойго сэттэ кылаастаах оскуола дириэктэрэ Моисей Герасимов этиитинэн, эдэркээн пионер-баһаатай, учуутал Георгий Бессонов көҕүлээн, учууталлар, үөрэнээччилэр, төрөппүттэр уонна холкуостаахтар күүстэрин холбоон, кыраайы үөрэтэр түмэл аһыллыбыта. Бастакы экспонаттары оскуола үөрэнээччилэрэ, учууталлар чугастааҕы нэһилиэктэртэн хомуйбуттара. Сайынын оскуола дьаһалтата тэрийэн учууталлар үөрэнээччилэрин кытта Бүлүү өрүс биэрэгинэн походтарга, экспедицияларга тахсар буолбуттара.
Оттон ылата күн бүгүнүгэр диэри Тойбохой мусуойа тигинэччи үлэлээн олорор. Бу 88 сыл устата экспозицияларын саҥардыы, тупсарыы үлэтэ тэтимнээхтик барар. Билигин түмэл базатыгар эбии үөрэхтээһин тэрилтэтэ үлэлии турар. Экспонаттары туһанан экспресс-уроктар, көһөрүллэ сылдьар быыстапкалар тэриллэллэр. 250 оҕо хабыллан дьарыктара куйаар ситиминэн эмиэ ыытыллар. Түмэл пуондатыгар, уопсайа көмө матырыйааллары кытта холбоон 17 экспозицияҕа 11.402 экспонат хараллан турар.
Анна ИВАНОВА,
Б.Н.Андреев аатынан Айылҕа түмэлин салайааччыта.
«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата