Бэҕэһээ, сандал саас күлүм күнэ чаҕылыччы тыган турдаҕына дууһаларыгар оҕо саастара тиллибит, санааларыгар эдэр саастара эргийбит 1979 сыллаахха оскуоланы бүтэрбит оҕолор мустаннар оҕо буолан ыллылар, оройдорунан көрдүлэр, омуннана күллүлэр.
Сарсыарда эрдэттэн Сунтаар кэрэ сиригэр — Тещин язык кэрэ миэстэтигэр, чуолаан «Караван сарайга» Дьокуускайтан , Бүлүүттэн, Сиэйэттэн (Түбэйтэн, Ыгыаттаттан, Тубэй Дьаархантан) Сунтаартан, Бордоҥтон урукку үйэ оҕолоро, билиҥҥи кэм эмэшшиттэрэ — кыргыттара, оҕонньотторо -уолаттара көрдөөх күлүү көтөллөөх, дорҕоонноохтук доргуччу саҥаран- иҥэрэн түмсэн аастыбыт.
Саамай саҕаланыытыгар Лаана Сергеева аал уотун тигинэччи оттон, аһатан, алҕаан оонньуу оройун аһаатын кытта оҕо сааһы санаан ааттанан, сыалланан киирэн , умнубут устуруойбутун санаан уҥа хаҥас дайбанан арааппар биэрдибит. Оруобуна «Булчут» күнэ түбэһэн сорсуннаах булчут уолаттарбытын эҕэрдэлээтибит. Байанайдаах булчут Данил Павлов араас булт этиттэн бүлүүдэтинэн айах туттубут. Володя Петров, Ваня Сергеев санааларынан ыстатыйа ууран туран, ханнык да эрмээнтэн итиҕэһэ суох саҥа буһаран таһаарбыт шашлыктарынан үссэнээт муус сыырга сырылаан, банаҥҥа бырахтаран, бураҥҥа хатааһылаан, муус ойбоҥҥо түһэн хаала сыһан- нэһиилэ оронон тахсааһыннаах, тыыннаах муннугу көрөн, айылҕалыын алтыһан, сааскы салгынынан сайа тыынан, адреналин бөҕө ылан аһылыктаах остуол тула мустан, остуол уйарынан, хотойорунан күүстээх чалбараҥ саҕаланна. Остуолбутун бутүн өрөспүүбүлүкэ киэн туттуута Светлана Сергеева араас оонньууну оонньотон, дьээбэлэнэн — хооболонон ытыахпытыгар диэри күллэрэн, ыллаан — ыллатан кыайа хото ыытта. Быыһыгар «Назад в ССРС» быыстапка турда. Онно Дора Трофимова, Тоня Саввинова, Люда Михайлова, Рита Григорьева үлэлэрэ үрдүктүк сыналанна. Мааны былааччыйалаах кыргыттар кубалыы устан киирэннэр уолаттар уҥа хаҥас көрө сатаан хоолдьуктара эргийэ сыста. Манна барыларыттан бастыҥ — уҥуохтуун -арҕастыын уһун көнө, көстөр көрүҥнүүн кэрэ Лена Тимофеева бэйэтэ тиктибит былааччыйатынан иннин кимиэхэ да биэрбэтэ » Королева бала» буолуон буолла. «Готовай» былааччылары кэтэн барытыгар мэлдьи бэлэм да кыргыттар көрүөххэ кэрэлэр. Урукку кэм таҥастарын кэтэн хаампыттара бэйэтэ ностальжи. Сорохтор урут кэтэ сылдьыбыттарыгар аҥардара эрэ батан( улаатан, төлөһүйэн) эдэр оҕолор кэтэн хаампыттара бэйэтэ эдэр сааһы эргиттэ. Ис сүрэхтэн алгыстаан, дьоҥҥо дьолу баҕаран оҥоһуллубут»Дьол туордун» бары үөрэ — көтө, куртах ноор ыарыытын мылыччы умнан, уоспутунан үллэстэн охсон кэбистибит. Үтүө санаа испитигэр иитиллэ сылдьан Дьол уйатын туттуо. Сорох 79 сыллаахха бүтэрбит оҕолор күн бүгүн Туймаада туонатыгар мээчиккэ, дартска күрэх үөһүгэр ситиһиилээхтик кытта сылдьаллар. Тещиҥҥа да ыскакаалкалаан тэбэн, 50на ойон Маша Егорова иннин кимиэхэ да биэрбэтэ. Тоня Куприянова бэрт кыранан хаалан кистэнэ сылдьар кыаҕын сэгэттэ. Харахтара баайыылаах хаҥас уҥа халыйан салгыны харбааччылары барыларын баһыйан Марина Петрова билигин да хараҥаттан иҥнибэтин көрдөрдө. Төрөөбүт күннээх Алексей Авелов бары өттүнэн дьоро күн дьоруойа буолла. Бу ыллыыра үчүгэйин, куолаһа кэрэтин. Кэргэнэ Любалыын ыллыылларыгар тулуйбакка бары ойон туран үҥкүүлээн ойдубут. Кэлэ — барар суолунан хааччыйбыттарыгар Авеловтарга туспа боччумнаах Махтал! Бордоҥ уолаттара 2 эрэ буолан кэлэннэр биэчэри улаханнык сэргэхситтилэр. Сунтаар дьахтара барыта махтанар эмчиппит Лена Амшеева ханнык да сцена киэргэлэ буолуох сурдээх харизмалаах куоластаах, туттуунуулаах — хаптыныылаах ырыаһыта эбит, бүгүн дебюта буолла. Таҥнан тахсан таһырдьа, ньылбы туттаат иһирдьэ оҕо сааспытын санаан, утуйа сыппыт уҥуохтары уһугуннаран, эппитин эрчимирдэн тириибит тэнийиэр диэри билиҥҥинэн дискач, уруккунан танцы — мансы, обнимансы, целовансы буолла. Маннык үтүө күнү, улаханнык түбүгүрэн, бэлэмнээбит салайааччыларбытыгар Лана Сергееваҕа, Лена Тимофееваҕа, Люба Алеша Авеловтарга, Дора Трофимоваҕа, Надя Саввиноваҕа барҕа махтал! Салайааччылар элбэх буолан, улаханнык тэринэн тоҕо анньан кэлбит Сиэйэ орто оскуолатын 22 выпуһугар улахан махталларын тиэрдэллэр. Сунтаар биллиилээх фотограба Афанасий Самойлов иһирдьэнэн- таһырдьанан, сиргэ сытан, үөһэ тахсан олорон — туран сырса сылдьан хаартыскаҕа хатаата, видеоҕа уһулла. Хаарга мочоохтоон киирэн дьөлө түһэ сытан кытта уһулла. Сунтаардар оҕолуун хаарга үҥкүулүур буоллахпытына халыҥ таҥастаах фотограф тоҥуу хаарга тааҕы таах киирэр — тахсар эбит, уопсайынан хаары баҕас хайа талбыт тэпсэр сунтаардар эбиппит.
Дьэ, бу курдук оскуоланы 1979 сыллаахха бутэрбит оҕолор Тещин языкка көрсөн умнуллубат биир күнү атаардыбыт. Маннык кэрэ куннэр кэлэр да кэмнэргэ кэккэлэһэ турдуннар!

Зинаида ФЕДОТОВА — ДЬОЛ КЫЫМА,
Сунтаар, суруйааччы

Читайте дальше