Дьоллоох Дьокуускай куорат туонатыгар балаҕан ыйын 12-15 күннэригэр «Вместе мы — Россия!» Бүтүн Арассыыйатааҕы айар кут, үтүө үгэс бэстибээлэ киэҥ далааһыннаахтык ыытыллара былааннанар.
Бэстибээл сүрүн сыала элбэх омуктаах норуот культуратын, үгэс буолбут сыаннастарын сүтэрбэт гына үйэтитии буолар. Бу бэстибээли РФ култууратын министиэристибэтэ, В.Д. Поленов аатынан Арассыыйатааҕы норуот айымньытын судаарыстыбаннай дьиэтэ, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтэ тэрийэн ыыталлар. Манна ыраахтан-чугастан ыҥырыылаах ыалдьыттар кэлэллэрэ күүтүллэр. Ол курдук Татарстан, Хакасия, Тыва өрөспүүбүлүкэлэрэ, Красноярскай, Забайкальскай кыраай уонна Сахалин, Магадан, Кемеровскай, Новосибирскай, Иркутскай, Томскай уобаластара. Ону тэҥэ тэрээһиҥҥэ В.Д. Поленов аатынан Арассыыйатааҕы норуот айымньытын судаарыстыбаннай дьиэтин дириэктэрэ Т.В. Пуртова уонна РФ араас субъектарыттан норуот айымньытын дьиэлэрин дириэктэрдэрэ кыттыыны ылыахтара. Бэстибээлгэ араас кэнсиэртэр, кэрэни кэрэхсиир көрсүһүүлэр, быыстапкалар, маастар-кылаастар, төгүрүк остуол дойду 11 регионуттан кэлбит ыалдьыттары, маастардары уонна экспертары түмэ тардыаҕа.
Доҕордоһуу болуоссатыгар балаҕан ыйын 14-15 күннэригэр араас сиртэн саамай чулуу норуот уус-уран талааннаахтара кыттыыны ылыахтара. Оттон Сахабыт сирин аатыттан «Добун» (Дьокуускай) этно-фольклорнай норуот кэлэктиибэ, «Кылыһах» (Үөһээ Бүлүү) народнай фольклорнай ансаамбыл, «Күн Чөмчүүк» (Таатта) норуот айымньытын ансаамбыла, «Сияние Севера» (Дьокуускай) үҥкүү бөлөҕө уо.д.а. кыттыахтара. Көрөөччүлэр ырыа-тойук аргыстаах, үҥкүү-битии доҕуһуоллаах, уоттаах-күөстээх чаҕылхай тэрээһини сэҥээрэ-сэргии көрүөхтэрэ.
Бэстибээл сүрүн уратыта «Многонациональная семья России» Саха сирин уонна Луганскай Норуодунай өрөспүүбүлүкэни холбуур телемост буолуоҕа.
Елизавета ТИТОВА