Владимир Яковлев: «Быыбардааччыларым интэриэстэрин көмүскүүргэ үлэлиибин»

Владимир Яковлевы улуус олохтоохторо тутааччы быһыытынан билэллэр. Тутааччытын ааһан, сатабыллаах, киэҥ, дириҥ толкуйдаах, үлэһиттэриттэн толорор үлэлэрин хаачыс­тыбалаахтык оҥороллорун ирдиир, эппиэтинэстээх салайааччы быһыытынан кинини  кытары алтыспыт дьон, тэрилтэ салайааччылара билинэллэр. Ол курдук, кини – «Дабаанстрой» хааччахтаммыт  тэрилтэ дириэктэрэ. Биһиги улууспутугар «Дабаанстройдар» үгүс дьиэни, эбийиэги тутан үлэҕэ киллэрэллэр. Ону сэргэ хоту улуус­тарга социальнай эби­йиэктэри, дьиэлэри олоххо киллэрдилэр.

Оттон бүгүн кинини дьокутаат быһыытынан үлэтин-хамнаһын ааҕааччыларбытыгар кылгастык билиһиннэриим. Владимир Иванович ааспыт сыллаахха балаҕан ыйыгар буолбут быыбарга 11 №-дээх уокурукка (Томуһукаан) үгүс куолаһы ылан, улуус дьокутаатынан талыллыбыта.

Дьокутаакка кандидатынан туруорунарыгар Владимир Иванович Томуһукаан, Хомустаах түөлбэтин олохтоохторун интэриэстэрин улуус да, өрөспүүбүлүкэ да таһымыгар көмүскүөм диэн сорук туруоруммута. Кини быыбар иннинээҕи бырагырааматыгар Хомустаах түөлбэтигэр оскуола-уһуйаан тутуутун ситиһии бастакы нүөмэринэн турар. Бу боппуруоска дьокутаат мандаатын тутаат, үлэлэһэн барбыта. Ол курдук, Томуһукаан, Хомустаах түөлбэлэр олохтоохторун кытары көрсөн кэпсэтэн, кинилэр санааларын истэн, бастакы үлэни ыыппыта. Ону сэргэ Сунтаардааҕы гимназия дириэктэрэ Любовь Евсеевалыын бииргэ үлэлэһэн, уопсай тылы булан, инники өттүгэр гимназияны Хомустаах түөлбэтигэр туттарары туруорсарга үлэ барбыта. Бары билэбит, билигин гимназия үлэлии турар эбийиэгэ оскуолаҕа сөбө суоҕун. Ону сэргэ гимназияҕа аҥаардас тылга эрэ сыһыаннаах оҕолор үөрэнэр буолбатахтар. Манна оҕо бары өттүнэн үөрэнэн-сайдан тахсар.

Оскуола тутуутун бу аҕыйах хонуктааҕыта СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотун кэмигэр  дьокутаат быһыытынан Владимир баар балаһыанньаны билиһиннэрэн туран туруорсубута. Олохтоохтор уонна гимназия салалтата бэлэмнээбит туруорсуу суруктарын бырабыыталыстыба бэрэстэбиитэлигэр туттарбыта. Ону сэргэ Владимир Иванович ыт туһунан бэйэбит региоммутугар сокуон тахсан, ыты иитии-харайыы, бэйдиэ сылдьар ыт ахсаанын бэрээдэктииргэ сокуон хараҕынан үлэ барыахтааҕын эппитэ. Манна Ил Түмэҥҥэ биһиги улууспут дьокутаата Андрей Николаев үлэ бара турарын, ыт туһунан сокуон Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар көрүллүөҕүн туһунан иһитиннэрбитэ.

Хомустаах, Томуһукаан түөлбэтигэр уот кыамтата күүһүрдүүтүн боппуруоһугар дьокутаат эмиэ үлэлэһэр. Ол курдук, ааспыт сылга  Мииринэй куоракка  «Якутскэнерго» тэрилтэни кытары көрсүһүү буолбутугар Владимир Яковлев эмиэ кыттан, подстанцияны саҥардыы боппуруоһун көтөхпүтэ. «Якутскэнерго» былааннаммыт үлэтэ бара турарын биллэрэр.

«Түөлбэ үлэтэ таһаарыылаах, түмүктээх буоларыгар бары бииргэ сомоҕолоһон үлэлиирбит көдьүүстээх» диэн оройуон дьокутаата активы кытары сүбэлэһии ыыппыта. Манна түөлбэ олоҕор ис дууһаларыттан “ыалдьар”, кыһанар көхтөөх, тутаах дьоммут — тэрилтэ салайааччылара Любовь Евсеева, Николай Александров, Денис Егоров, Сергей Тен, Баҕатаан Саргын Арыылах Уола, Юрий Соловьев, Людмила Тертюхова, Алена Сахатаева кыттыбыттара. Көрсүһүүгэ  араас таһымнаах граннарга, куоҥкурустарга кыттан бииргэ үлэлэһэргэ, түөлбэҕэ оҕо былаһааккалара, араас интэриэстэринэн мустан дьарыктанар анал дьиэ-уот, түөлбэ сайдыытыгар көхтөөхтүк кыттар наадатын эппиттэрэ.

Чөл, доруобай олоҕу тутуһары дьокутаат өйүүр, оннук хамсааһыҥҥа бастакынан сыл­дьар, успуонсар да  быһыытынан кыттыһар. Холобур, урбаанньыт Айаал Захаров «Тэтим» маҕаһыынын иккис этээһигэр спортивнай дьоҕус сааланы арыммытыгар, успуорт инвентарын успуонсардаан турар. Манна даҕатан эттэххэ, урбаанньыт Айаал Захаров ыччаты олус өйүүр, кинилэргэ көмө-тирэх буолар. Өйөбүллээх, бииргэ үлэлэһэр дьонноох буоллахтарына ыччат дьоммут олохторугар ситиһиилээх буолаллара мэл­дьэҕэ суох диэн улуус дьокутаата санаатын үллэстэр.

Дьэ, дьокутаат түбүгүттэн бэрт кылгастык маннык билиһиннэрдим. Владимир Иванович дьокутаат быһыытынан  үлэтэ өссө да иннигэриннигэр.

Суруйуум түмүгэр, Владимир Иванович быыбардааччыларын кытары кэпсэтэргэ, сүрүн боппуруостары быһаарсарга бэлэмин этэр, «миигин кытта көрсүҥ, аһаҕастык кэпсэтиҥ» диир.

Читайте дальше