«Национальнай бырайыактар чэрчилэринэн улахан өйөбүл баар»

Бүгүн, ахсынньы 14 күнүгэр, дойду Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 18-с улахан пресс-конференциятын уонна 20-с быһа эфирин ыытта.

Дойду салайааччыта быйылгы пресс-конференциятын истэн баран, Арассыыйа Үлэ Дьоруойа Владимир Михайлов санаатын маннык үллэстэр:

Владимир Путин Уһук Илини уонна Саха сирин сайыннарыыга улахан болҕомтотун уурар. Бу кэлиҥҥи сылларга дьэҥкэтик көстөр. Ол курдук, араас элбэх социальнай эбийиэк дойдубут салайааччыта көҕүлээбит анал бырайыактарынан тутуллар. «Үөрэҕии», «Демография» национальнай бырайыак чэрчилэринэн саҥа оскуолалар, оҕо саадтара өрөспүүбүлүкэбитигэр сылын аайы тутуллан, хапытаалынай өрөмүөннэнэн үлэҕэ киирэллэр. «Доруобуйа» бырайыагынан улуустарга, өрөспүүбүлүкэҕэ саҥа балыыһалар баар буоллулар, тиэхиньикэнэн да хааччыллыы тубуста. «Култуура» национальнай бырайыагынан эмиэ элбэх тутуу барар. Биһиги улууспутугар Кэмпэндээйигэ саҥа култуура дьиэтэ бу сотору киириэҕэ. Оттон мин олорор нэһилиэкпэр Кириэстээхпэр тутулла турар култуура киинин эһиил үлэҕэ киллэриэхтэрэ. Үлэ дьоно сөптөөх усулуобуйаҕа сынньаныахтаах диэн санааттан, былырыын Бэрэсидьиэн Владимир Путины кытары көрсүһүүбэр ол туһунан санаабын эппиппэр, кини тутатына бу тутууну ыытарга сорудахтаабыта. Дьэ, бу буолар буоллаҕа, үлэ дьонун, норуотун тылын истэр салайааччы.

Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар эмиэ үгүс көрүүлэрдээх, этиилэрдээх. Ол эмиэ олоххо киирэн иһиэҕэр мин саарбахтаабаппын.

Эфири истэ олороммун, бэрэсидьиэн тыа хаһаайыстыбатын үлэтин үчүгэйинэн сыаналаабытыттан олус астынным. Тыа хаһаайыстыбата сайдыытыгар көрүллэр үп  40 бырыһыана пиэрмэрдэргэ барыаҕа диэбитин эмиэ сэргээтим. Аһынан-үөлүнэн  Арассыыйа сүнньүнэн хааччыллан олоробут диэтэ. 

 

 

«Сунтаар сонуннара» хаһыат

Читайте дальше