ВИЧ-инфекция диэн туох ыарыыный?

ВИЧ (вирус иммунодефицита человека) сыстыганнаах хроническай ыарыы буолар. СПИД (синдром приобретенного иммунодефицита человека), ол аата киһи ыарыйдаҕына иммунитета суох буолар, ханнык баҕарар ыарыыны утары охсуһар күүһэ сүтэр.

Бу иммунитеты сүтэрэр вирус киһиэхэ хайдах бэриллэрий?

Бастакытынан, ВИЧ положительнай статустаах ыарыһаҕы кытта харысхала суох сексуальнай сыһыантан.

Иккиһинэн, ВИЧ-инфицированнай наркоман ыарыһахтан шприц иннэтин бииргэ тутуннахха, медицинскай тэрилтэҕэ бэрэбиэркэни ааспатах ВИЧ- инфицированнай хааны ыарыһахха кутар түбэлтэҕэ, ол эбэтэр ВИЧ- положительнай статуһа биллэ илик ыарыһахтан биир шприһинан манипуляция оҥорор түбэлтэҕэ доруобай киһи ВИЧ ыарыыга сыстар кыахтанар. Оттон доруобуйа харыстабылын тэрилтэтигэр донор хаана күүстээх бэрэбиэркэни ааһар, укуолга биирдэ  туттуллар медицинскэй шприцтары эрэ туһаныллар.

Үһүс сүрүн сыстар суол — ВИЧ-инфицированнай төрөөру сылдьар дьахтар кэлиэхтээх оҕотугар сыһыарыан сөп.

 Бу ыарыыттан  хайдах харыстаныахха сөбүй?

Дьиэ кэргэн иһигэр эр-ойох сыһыаннара бэйэ-бэйэҕэ бэриниилээх,  ыраас буолуон наада.

СПИД ыарыыттан уонна атын венерическай ыарыылартан харыстанар туһуттан презервативы хайаан да туттуохтааххын.

Наркотигы хаһан даҕаны боруобалаама!

Аныгы үйэҕэ  тыа усулуобуйатыгар араас өҥөнү оҥоруу сайдан, тыҥырах, кыламан, хаас оҥорор, парикмахердар —  чааһынай урбаанньыттар элбээтилэр. Онно барытыгар биирдэ эрэ туттуллар инструмент, эбэтэр элбэхтик туттуллар инструменнара стандартка, ирдэбилгэ барытыгар эппиэттиир курдук дьаһанан үлэлииллэрэ тоҕоостоох уонна ону ирдээҥ.

 ВИЧ ыарыы хайдах бэриллибэтий?

ВИЧ-инфицированнай ыарыһах күннээҕи олоххо туттар тэрилин таарыйдахха, биир туалекка, душка сылдьартан, илии тутустахха, бассейнҥа, биир дьиэҕэ олорортон бэриллибэт.

 

Ыарыһах маҥнай бэйэтин ВИЧ-положительнай статуһун анализ нөҥүө медицинскэй үлэһиттэн, инфекционист быраастан истэр, өйдөтөр кэпсэтии барар, өссө эбии чинчийии, региональнай Сахабыт сирин СПИД-киин хамыыһыйатын быһаарыытынан олоҕун устата салҕанар антиретровируснай терапия ананар, босхо эминэн тохтоло суох хааччыллар. Уһун эмтэниигэ бэлэм буолуу, ыарыһахтан инфекционист быраас этэрин эҥкилэ суох толоруу, диспансеризацияны кэмигэр ааһыы ирдэнэр.

 

Ыарыһах дьиэ кэргэнэ эмиэ тохтобула суох манабылга — диспансеризацияҕа ылыллар. Биһиги сыалбытынан-сорукпутунан дьиэ кэргэн иһигэр сутуллуу суох буоларын ситиһии, учуокка турар ВИЧ-инфицированнай ийэ төрөөтөҕүнэ — доруобай оҕо төрүүрүн ситиһии буолар.

Сунтаар улууһугар 2018 сылтан саҕалаан  бүгүҥҥү күҥҥэ диэри ВИЧ – анаалыс түмүгүнэн уопсайа 10 киһи булуллубут.

Бу сыл саҥатыттан анаалыс түмүгүнэн 3 киһи булулунна. ВИЧ инфицированнай ыарыһахтар учуокка тураллар, тыа улууһа диэтэххэ, ыарыһах ахсаана элбэх уонна билигин даҕаны эбиллэ турар.

СПИД-кииҥҥэ ВИЧ статустара положительнай диэн кэлбит ыарыһахтартан көрдөрүнэн эмтэнии ылааччыта аҕыйах. Бу 10 киһиттэн диспансернай учуоту ааһааччы, эминэн хабыллан эмтэнээччитэ — 4. Киһи   дьиксинэрэ диэн бу учуокка ылыллыбыт дьонтон  биир гыммыт үһэ эрэ буолар.

Бу аата «вершина айсберга» эрэ көстөр биһиги харахпытыгар, онтон дьиҥнээхтик төһө киһи сутуллан, биллибэккэ ыалдьа сылдьара биллибэт.

Ким баҕалаах, анонимно даҕаны, Сунтаар балыыһатыгар ВИЧ анаалыс туттарыан сөп, бу анаалыс СПИД-кииҥҥэ тиийэн оҥоһуллар. Билигин бу кэккэ сыллартан бүддьүөт тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ медицинскай көрүү ааһалларыгар бары ВИЧ анаалыс туттараллар. Оттон буоларын курдук, үлэлээбэт нэһилиэнньэ бу анаалыһы бэйэтэ кэлэн туттарбатаҕына, чинчийиини ааспат. Баҕалаах дьон поликлиникаҕа эрдэттэн суруттаран кэлэн көрдөрүнүөххүтүн сөп. Бу ыарыы атын да хроническай ыарыылар курдук эмтэнэр, ирдэбилэ күүстээх, ыарыһах олоҕун хаачыстыбатын тупсарар. Маннык ыарыһахтары кытары ыкса үлэлиир быраастар инфекционистар буолабыт.

 

 

Надежда ФЕДОРОВА, Сунтаардааҕы киин балыыһа инфекционист бырааһа

Читайте дальше