Араас эттиктэр (никотин, глицерин, пропиленгликоль, формальдегид, ацетальдегид, мышьяк, ацетон, о.д.а. ) холбоспут убаҕас булкааһыктара хойуу буруо буолан тахсарын «вейп» ол эбэтэр, «электроннай сигарета» – аныгы кэм табаҕа диэн ааттыыллар. Ордук эдэр дьон бу вейпинэн үлүһүйэр буоллулар. Оскуола оҕото тардан бусхаҥната сылдьара көрүөххэ сүөргү. Обургу оҕо вейп буортутун туһунан билбэтиттэн, муоданы сырсан бу табаҕы тардара буолуо диэн сабаҕалыахха. Сунтаарга вейпи атыылыылларын элбэх сиргэ көрөбүт. Ол эрэн, вейпы атыылыыр дьон бу табах буортутун туһунан кэпсииллэрин саарбахтыыбын.
Бу матырыйаалы бэлэмниир кэммитигэр Дмитрий диэн (дьоруойбут көрдөһүүтүнэн араспаанньатын таһаарбаппыт) 28 саастаах вейп тардарга хайдах тиийбитин туһунан маннык кэпсээтэ:
– Мин аан бастаан 19 сааспар кальян тардан боруобалаабытым. Ол кэнниттэн никотина суох вейп диэн баар диэн угуйукка киирэммин, вейп тардар буолбутум. Билигин манна көстүм. Вейп минньигэс сыттаах, үчүгэй амтаннаах диэн тардабын. Киһи түргэнник ылларар. Мин номнуо өйбүн туппут киһибин. Доруобуйаҕа буортутун билэбин. Хаһан эмэ бу дьаллыкпын быраҕыам.
Биһиги көрө үөрэммит табахпытын биирдэ да тарда иликпин. Оҕо көрөрүгэр вейп тардыбаппын. Уопсастыбаннай сиргэ вейптиир, табахтыыр оҕону көрдөхпүнэ сэрэтии биэрэбин. Билигин вейпи элбэхтик үтүктэр буоллулар. Састаабын билбэппит. Киһи доруобуйатыгар буортулаах эттиктэр баар буолуохтарын сөп. Онон вейпинэн үлүһүйүмүөххэ наада. Төрөппүттэргэ этиэм этэ: вейптиир оҕо таҥаһыттан, баттаҕыттан ураты минньигэс сыт кэлэр буолар. Оччоҕо оҕоҕутун кытта истиҥ сыһыаны олохтоон – аһаҕастык кэпсэтиҥ.
Вейп ордук обургу оҕолорго туох буортулааҕын туһунан Сунтаардааҕы оҕо поликлиникатын педиатр бырааһа Елена Иванова кэпсиир:
– Мин обургу оҕолору көрөр педиатр бырааһынан үлэлиибин. Биһиги ыалдьыбыт оҕолору көрөбүт. Ону тэҥэ, оскуолаларга араас лиэксийэлэри ааҕабыт. Кэлиҥҥи кэмҥэ учууталлар оҕолорго вейп – электроннай табах буортутун туһунан кэпсиир буоллулар. Ол аата оҕолор бу вейпкэ ылларыылара баар көстүү диэн бэлиэтиибит. Ыалдьан көрдөрө кэлбит оҕо вейп тардарын кистиир. Ол эрэн, табахтыыр оҕону быраас билэр. Маннык оҕо сөтөлө өр тахсыбат, эмкэ бытааннык бэринэр. Саамай кутталлааҕа оҕо сааһыттан вейпинэн үлүһүйбүт киһи кэлин тыҥа ыарыытыгар – астмаҕа ылларыан сөп. Өр сылларга табахтаабыт, тыҥатын табахха сиэппит саастаах киһи курдук мэлдьи сөтөллөр буолар. Эдэр киһи маннык сөтөллөрүн көрөргө астыга суох. Мөлтөх доруобуйалаах эбит дии саныыгын. Кыыс оҕолор тэтэркэй имнэрэ сүтэн тириилэрэ саһарар, эрдэ кырдьыыга, уостууга барар. Бэйэтин доруобуйатын көрүнэр киһи куһаҕан дьаллыктарга ылларбат.
Арассыыйаҕа 2020 с. 303-с №-дээх саҥа сокуон киирбитэ. Көҥүллэммэт сиргэ табахтаатахха, бу сокуон 1 чааһын 6.24 ыстатыйатынан 500-3000 солк. ыстараап көрүллэр. Бу вейпи тардыыга эмиэ сыһыаннаах.
Оҕо табахтыыр буоллаҕына, төрөппүтэ эппиэтинэһи сүгэр, кини ыстарааптанар. 2023 сыл муус устар 11 күнүгэр Судаарыстыбаннай Дуума электроннай сигареталары, вейптэри 18 саастарын туола илик оҕолорго атыылыыры бобор туһунан сокуону ылыммыта. 2023 с. ыам ыйын 9 күнүттэн сокуоннай сааһын ситэ илик оҕолорго табах бородууксуйатын (о.и. вейп электроннай табах эмиэ киирэр) атыылааһын ыстарааба үрдээн турар.
Вейп сыаната чэпчэкитэ суох. Ортотунан 4000-8000 солк. диэри халбаҥныыр. Онон төрөппүттэр оҕоҕут күннээҕи туттар харчытын ханна барыырын билиэхтээххит.
Аны электроннай табаҕы куйаар ситимин нөҥүө ким баҕарар ылар кыахтанна. Куйаар ситимигэр “төрөппүт хонтуруола” (родительский контроль) диэн баар буолуохтаах эрээри обургу, улаатан эрэр оҕолор хонтуруол диэн тылы иһиттэхтэринэ өһүргэнэ түһэллэр. Ол иһин, улаатан эрэр оҕолорго чөл-чэбдик олох холобурун бэйэҕитинэн көрдөрүҥ, куһаҕан дьаллыкка ылларар судургутун, онтон аккаастанар ыараханын туһунан элбэхтик, аһаҕастык кэпсэтиҥ.
Маны таһынан “Төрөппүт хонтуруола” сыһыарыыны кыра оҕо сааһыттан төлөпүөнүгэр туруораргыт эһиэхэ лаппа көмөлөөх буолуо.
хаартыскаҕа быраас Елена Иванова
Мира АФАНАСЬЕВА