Унньуктаах уһун кыһыммыт түмүктэнэн, сандал сааспыт үгэннээн турар кэмэ. Күн сандаарыччы тыган дьиэҕэ олорор кырдьаҕаһы, оҕону-урууну таһырдьа көҕүтэр, ыҥырар. Ким дьиэ тас өттүн хомунар, харбыыр-сиппийэр, үлэ быыһыгар айылҕаҕа тахсан сынньанар. Билигин эбэбит халыҥ мууһуттан босхолонон, этэҥҥэ уста турар. Ону көрө үгүс дьон биэрэк кытыытыгар кэлэр.
Маннык сааскы кэрэ түгэнтэн ордук үөрээччи-көтөөччү, биллэн турар, оҕо дьон. Обургу оҕолор тимир көлөлөрүн үрдүгэр түһээт өрүс кытылыгар тэптэрэн киирэллэр. Халлаан лаппа сылыйан таһырдьа доҕотторун кытары дуоһуйа көччүйэр кэмнэрэ. Кырачааннар тиэргэннэрин иһигэр-таһыгар, дьиэ тастыы олорор доҕотторун кытары таһырдьа оонньоон көрүлүүллэр.
Ол эрээри төһө да сааскы сылаас халлаан үгүспүтүн таһырдьа угуйдар, билигин ууттан, уоттан ордук сэрэхтээх кэм буоларын бары өйдүөх тустаахпыт. Оҕолорбутун төрөппүттэр күннэтэ көрө-истэ сылдьарбытын күүһүрдүөх кэриҥнээхпит. Оҕо оҕо курдук, төһө да элбэхтик эппитиҥ, өйдөппүтүҥ үрдүнэн, сыыһа-халты туттаран дьиэлэриттэн ыраата баран хаалар түгэннэрэ эмиэ буолааччы. Оннук түгэннэр, хомойуох иһин, тахсааччылар. Чугастааҕыны ылан эттэххэ, бу соторутааҕыта икки оҕо эмиэ тэлгэһэлэриттэн ыраата баран хааланнар, аймалҕан тахса сылдьыбыта. Манна улуус, олохтоох дьаһалталар, быыһыыр сулууспа үлэһиттэрэ сөптөөх, түргэн дьаһаныыны ыланнар, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ көрдөөһүҥҥэ кыттан, хата, дьолго, оҕолор барахсаттар көстүбүттэрэ. Маннык ыксаллаах быһыы тахсыбатын наадатыгар оҕолорбутугар өйдөтөр үлэни күүскэ ыытарбыт наада. Биһиги урут киэҥ сиргэ — куоракка киирдэхпитинэ дьоммут мэлдьи ханнык уулуссаҕа олорорбутун, дьоммут аата кимнээҕин суруйан сиэппитигэр испиниэгинэн туттаран баран таһырдьа оонньото ыыталлара. Биһиги ол да саҕана дьиэ таһыттан атын оҕолору сырсан, оонньууга аралдьыйан ыраата баран хаалар түгэннэрбит эмиэ бааллара. Биирдэ итинник ырааппыт түгэммэр ол сиэппэр угулла сылдьар суругум быыһаан турарын өйдүүбүн. Маннык ньыманы хайаан да туттуҥ диэбэппин эрээри… Тустаахха туһалыыр эбит этэ.
Билигин, эбэбит уста турар кэмигэр, кытылга оҕо аймах үгүстүк сылдьарын көрөбүт. Мэниктээн мууска кытары ойуолааччы баарын биирдэ эмэ түбэһэ көрөн ааһабыт. Оҕолоор, бука диэн, сэрэхтээх буолуҥ, муус төһө да кытылга сыттар, онно оонньуур олох табыллыбат. Улахан дьон кыра саастаах оҕолору төрөппүтэ суох биэрэккэ киирэллэрин булгуччу бобуохха, күүстээх хонтуруолга ылыахха.
Аны аҕыйах хонугунан Ньукуолун буолуо. Бу кэмҥэ киһи эрэ үөрүөх-көтүөх күннэрэ турааччылар. Айылҕа уһуктан, от-мас көҕөрөн эрэрэ, көтөр-сүүрэр кэлэн, олох өрөгөйүн уруйдаан, ырыа-тойук эгэлгэтин тардара… Киһи барахсан, эппиккэ дылы, сүргэтэ көтөҕүллэр, айылҕалыын ситимэ күүһүрэр кэмэ. Күөххэ үктэммиппитин бэлиэтээн, айылҕабытыгар тахсарбыт биллэр суол. Баччаларга даҕаны шашлыктыы диэн айылҕаҕа тахсааччы элбээн турар. Уһун кыһын кэннэ ийэ айылҕаҕа тахсыы бааламмат буоллаҕа. Ол эрээри хас биирдии киһи уоттан сэрэхтээх буоларын умнубата наада. Кыра да кыымтан уот саҕыллан улахан иэдээн тахсыан сөбүн умнуомуохха. Аны туран, кистэл буолбатах, аһаабыт-сиэбит сирбитигэр бөх-сыыс хаалларан кэлэр куһаҕан да кэмэлдьилээхпит. Оттон бөхтөммүт сири көрдөхпүтүнэ «бу тоҕо хомуйбаттар» диэн кимнээҕи эрэ мөҕүттэбит. Хаарыаннаахай айылҕабытын киртитэн, сэрэҕэ суохтан уокка сиэтэн баран биирдэ айманнаҕа буолабыт. Оннук буолбатын туһугар бары чэбэрдик, сэрэхтээхтик тутта-хапта сылдьарбыт уолдьаста эбээт.
Бу кыра бэлиэтээһимминэн, улуус олохтоохторун, оҕотуттан улаханыгар тиийэ ууттан, уоттан сэрэхтээх буолуоҕуҥ диэн ыҥыран бэйэм санаабын сурукка тиһэн бичийдим.
Барыта этэҥҥэ буоллун. Ууттан, уоттан сэрэхтээх буолуоҕуҥ!
Яина ВЛАСЬЕВА