Устьеҕа саҥа дьиэ киирдэ

РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһининэн «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн «Хаарбах уонна саахалланар туруктаах дьиэлэртэн дьону көһөрүү» бырагырааманан Устье нэһилиэгэр бастакы 3 этээстээх 30 квартиралаах таас дьиэ дьэндэйдэ.

Тутуу бэдэрээтчитинэн Сунтаарга хас да эбийиэги тутан үлэҕэ киллэрбит, биллэр “Сунтарцеолит” олохтоох тэрилтэ буолар. Бу дьиэ саҥа тутуу матырыйаалынан тутулунна. Ол курдук, Сунтаар улууһугар хостонор цеолиты үрдүк температураҕа үлүннэрэн пеноцеолит диэн тутуу блоктарын оҥорон дьиэ тас истиэнэтин оҥордулар.

Петр Попов- “Сунтарцеолит” ХЭТ салайааччыта: “Пеноцеолит блоктара диэн тутууга саҥа матырыйаал сылааһы тутар хаачыстыбата үрдүк. Блоктары оҥорор дьоҕус собуоппут Устье нэһилиэгэр баар. Бу тутуубутун үлэҕэ киллэрдибит диэн тохтоон хаалбаппыт, салгыы бу дьиэни кэтээн-манаан, үөрэтэн көрөбүт уонна да атын эбийиэктэргэ пеноцеолит блоктарын туттарга былаанныыбыт”.

Розалия Яковлева — саҥа квартира хаһаайката “Бу иннинэ биһиги өр сыл мас дьиэҕэ олорбуппут. Онтон маннык киэҥ-куоҥ, сырдык дьиэҕэ киирбиппититтэн дьоллонон турабыт. Устье нэһилиэгэр бүгүҥҥү күн историческай түгэн буолар. Ол бастакы хараҥаччылара биһиги буоларбытынан киэн туттабыт. Тутааччыларга барҕа махталбытын тириэрдэбит”.

Дьиэ тас дизайныгар Сунтаар улууһа киэн туттуута цеолит ойууламмытын саҥа дьиэ хаһаайыттара сэргии көрдүлэр.

Мира АФАНАСЬЕВА
Дмитрий ЫМЫЧАНОВ видеоҕа, хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Читайте дальше