Бүгүн, Алкивиад Иванов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо успуордун оскуолата төрөппүттэргэ уонна оҕолорго аһаҕас аан күнүн ыытта. Манна оскуола иһинэн үлэлиир дьарыктары билиһиннэрдилэр, успуорт көрүҥнэринэн маастар кылаас көрдөрдүлэр.
Успуорт оскуола Лев Павлов, Мария Тараярова, Виктория Ераскумова курдук улахан ситиһиилэрдээх үөрэнээччилэринэн киэн туттар. Оскуола Кэбээйигэ, Бүлүүгэ, Дьокуускай куоракка филиаллардаах. Ол эрэн, сүрүн састааба Сунтаарга үлэлиир. Чуолаан оҕунан, буулдьанан ытыыга, сүүрүүгэ, тустууга, боксаҕа дьарыктыыллар. Бу көрүҥнэргэ оҕолору үрдүк категориялаах тириэньэрдэр дьарыктыыллар. Успуорт оскуола саҥа салайааччыта Павел Павловы кытта көрсөн кэпсэттибит: “Биһиги оскуолабытыгар 600-тэн тахса оҕо дьарыктанар. Төрөппүттэр, оҕолор аһаҕас аан күнүгэр оскуолабыт эрэ туһунан буолбакка тириэньэрдэри кытта илэ көрсөн кэпсэтэн, араас успуорт көрүҥнэригэр холонон көрүөхтэрин сөбүн курдук усулуобуйа олохтоотубут. Биһиги оскуолабытыгар Саха сирин үтүөлээх, уопуттаах тириэньэрдэрэ бааллар. Кинилэр оҕолору успуорка уһуйа сылдьалларыттан киэн туттабыт ”. Оскуола материальнай-техническэй базатын бөҕөргөтүүгэ үлэ ыытар. Сотору кэминэн саҥа дьарыктанар тэриллэр кэлиэхтээхтэр.
Семен Поскачин төрөппүт: “Мин бэйэм успуорду өрө тутабын, кэккэ ситиһиилэрдээхпин. Ол иһин, оҕолорбун успуорка сыһыараарыбын аһаҕас аан күнүгэр улахан оҕобун аҕаллым. Кини бэйэтэ оҕунан ытыыны сэргиир”.
Светлана Петрова элбэх оҕолоох ийэ: “Оҕо дьарыктаах буолуохтаах диэммин орто кыыспын сүүрүүгэ холонноро аҕаллым. Тириэньэрдэр дьарыктарын көрдөххө ирдэбиллээхтэр, оҕоҕо үчүгэй сыһыаннаахтар эбит. Маннык аһаҕас аан күнүн ыыппыттарын сэргээтим”.
Зинаида Седалищева төрөппүт: “Успуорт оскуола аһаҕас аан күнүн ыытарын истэммин икки уолбун аҕаллым. Ытыыга, сүүрүүгэ 9 саастарыттан ылаллар эбит. Бу аҕыйах кэминэн 9 туолуохтаахпыт. Улахан уолум ытыыга баҕарар. Кырам көрөр-истэр, үөрэтэр. Улаата түстэҕинэ кини эмиэ успуорка сыстыа.”
Мира АФАНАСЬЕВА