Сунтаарбыт улууһун олохтоохторо!
«Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон дьаһалтатын уонна улуус дьокутааттарын Сэбиэтин аатыттан Арассыыйа күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!
Быйыл Арассыыйа күнүн 34-с сылын бэлиэтиибит. Бэс ыйын 12 күнэ — Арассыыйаҕа улахан суолталаах күн. 1990 сыл бэс ыйын 12 күнүгэр РСФСР норуодунай дьокутааттарын бастакы сийиэстэригэр судаарыстыба суверенитетын туһунан Декларация ылыныллыбыта. Оттон 1992 с. бэс ыйын 12 күнүгэр Арассыыйа Федерациятын Үрдүкү Сэбиэтэ бу күнү быраһынньык күнүнэн биллэрбитэ. 1998 сыллаахха Борис Ельцин бу күнү Арассыыйа күнүнэн бигэргэппитэ. Бу бырааһынньык биһиэхэ Дойду тутулуга суох буолуутун, эйэни, сомоҕолоһууну, инникигэ эрэли түстүүр күн буолар.
Арассыыйа бигэ туруктаах, сайдыылаах, дьоно көмүскэллээх буолалларыгар Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаарыныытын биһиги саха дьоно бары өйүүбүт. Ону быйылгы быыбар түмүгэ туоһулуур. Аны кэлэр 6 сылга Россия өссө тэтимнээхтик сайдыа диэн бигэ эрэллээхпит. Саха Сирэ улуу нуучча норуотун кытары бииргэ буолуохтааҕын туһунан улуу убайбыт Өксөкүлээх Өлөксөй этиитэ бүгүн уһулуччу суолталаах.
Тас дойдулар Арассыыйаны мөлтөтөтө сатааннар араас санкциялары биллэрэннэр, сэриинэн түһээри бэлэмнэммиттэрин, эрдэттэн Владимир Владимирович өтө көрөн анал байыаннай дьайыыны биллэрдэ.
Маҥнай утаа анал байыаннай дьайыы саҕаламмытыгар тас дойдулар Украинаны өйөөбүттэрэ, билигин кэм кэрдии көрдөрөн, сыыһаларын билинэн Арассыыйа диэки буолан эрэллэр. Владимир Владимирович Путин сөптөөх дьаһаллары ылбыт. Бу буола турар киирсиигэ дойдубут инники дьылҕата быһаарылла турар. Инники көлүөнэбитигэр дойдубутун тутан хаалар туһугар хайаан да кыайыахтаахпыт-хотуохтаахпыт!
Олоҥхо дойдута Сунтаар улууһун дьоно-сэргэтэ, төрөөбүт дойдубутун дьоруойдуу көмүскээччилэргэ ытыктабылбытын биллэрэн туран, истиҥник махтанабыт. Уолаттарбытынан — Арассыыйа Дьоруойдара Филипп Евсеевинэн, Дмитрий Егоровынан киэн туттабыт, кинилэргэ сүгүрүйэбит!
Бүтүн Арассыыйа тутулуга суох Судаарыстыба буолуутун бэлиэтиир үөрүүлээх күҥҥэ Сунтаарбыт улууһа Дойдубут уопсай тэтимнээх сайдыытыгар федеральнай уонна региональнай бырагырааммалары уонна Национальнай бырайыактары олоххо киллэрэн бэйэтин кылаатын киллэрэ олорорун астынан туран бэлиэтиибит. Инникитин даҕаны биһиги, Сунтаарбыт улууһун олохтоохторо, модун Арассыыйалыын бииргэ өссө күүскэ силигилии сайдыахпыт диэн бигэ эрэллээхпит.
Сунтаарбыт улууһун үтүө-мааны олохтоохторун бүгүҥҥү үөрүүлээх бэлиэ күнүнэн өссө төгүл эҕэрдэлиибит! Дойдубут өрүү сайда турдун, хас биирдиибитигэр ситиһиини, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, дьолу-соргуну! Уруй-айхал буоллун биһиги Модун Арассыыйабытыгар!
Анатолий ГРИГОРЬЕВ, «Сунтаар улууһа (оройуона)» муниципальнай оройуон баһылыга,
Ульяна ПОПОВА, Сунтаар улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ