Сунтаар улууһун Хаданын олохтооҕо талба талааннаах уран уус Иннокентий Иванов сылын ахсын Саҥа дьыл бырааһынньыгын көрсө хаар оҥоһук эгэлгэтин оҥорон дьону-сэргэни сөхтөрөрүн билэбит. Быйыл кыһын кини хаарынан Айыыһыт Хотуннаах композициятын айан-тутан таһаарбытын сөҕө-махтайа көрбүппүт. Оттон бу сайын куйаар ситиминэн тарҕаммыт сахалыы сайбаччы таҥныбыт оҕолору уонна олоҥхо дьоруойдарын оҥорбутун сэргии, астына көрдүбүт. Тугунан чочуйан бу кэрэ бэйэлээхтэри айан-тутан таһаарбытын интэриэһиргээн, Иннокентий Петровичтан сурастыбыт.
Манна диэн эттэххэ, Иннокентий уҥа илиитигэр эчэйиилээх, бэгэччэгэр диэри станокка былдьаппыт, хаҥаһа эмиэ саахаллаах. Ол да буоллар, доруобуйабынан хааччахтаахпын диэн олорунан кэбиспэккэ, күүстээх ыра санаа кынаттаан көрүөхтэн кэрэ дьэрэкээн оҥоһуктары оҥорор.
— «Уус табаарыһым Демьян Колодезников ону-маны оҥорорун сэргии көрөбүн. Киниттэн үтүгүннэрэн аан бастаан сиэмэнтэнэн садовай фигуралары, сибэкки иһитин, куукуланы оҥорбутум. Онтон сиэннэрбэр сахалыы тыыны, эйгэни тэрийбит, иҥэрбит киһи диэн санааттан “Ньургун Боотур” олоҥхо дьоруойдарын оҥорон саҕалаабытым. Биир фигура 4-5 күн оҥоһуллар. Үлэтэ элбэх, аҥаар илиибинэн буолан бадьыыстаах. Бириэмэни харыстаан оҥоро туран хатыар диэри атыны саҕалыыбын. Сиэннэрим «Мин Чыскыырай буолуом» дэһэн оонньуур буолбуттар. Ол аата көрө сылдьан дьоруойдарын ааттарын билэн, олоҥхоҕо интэриэстэниэхтэрин сөп диэн санаалаахпын. Үлэ барыыта тус-туһунан, хаар оҥоһугу оҥорорго тоҥоҕун ол эрэн хамсаныыта элбэх. Оттон бу оҥоһуктары оҥорорбор биир сиргэ өр олоробун ол гынан баран тоҥмоппун. Дьарыга суох буоллахпына сыттым да ыалдьан барабын. Онон дьарыктаах буолуу олоххо интэриэһи, дьол кыымын саҕар буоллаҕа», — диэн Иннокентий Петрович истиҥник сэһэргиир.

Алена ИВАНОВА

Читайте дальше