Бу күннэргэ өрѳспүүбүлүкэбит улуустарынан «Женский голос Арктики» киинэ марафона саҕаланан турар.

Бүгүн балаҕан ыйын 22 күнүгэр Санкт-Петербуртан Мила Кудряшева режиссердаах киинэ Сунтаардааҕы технологическай колледжка уонна кииннэммит бибилэтиэкэҕэ көрдөрүлүннэ. Бу документальнай киинэҕэ аныгы кэм сиэринэн олохторугар ситиhиилээх саха кэрэ аҥаардарын тустарынан кэпсэнэр. Манна сүрүн дьоруойдарынан Веретнова Галина, Констанция Петрова, Нарияна Ренанто, Туяра Жиркова, Степанова Варвара-Арчыына киинэҕэ уһулуннулар. Киинэ үс новеллаттан турар.

Бүгүн биһиэхэ бу теленовелланы билиһиннэрэ, сүрэхтии «Саха сирин норуоттарын муусукатын уонна фольклорун түмэлин» сүрүннүүр научнай үлэһитэ Ольга Громова кэлэ сылдьар. Сунтаардааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ дириэктэрэ Изабелла Жиркова мустубут дьоҥҥо бүгүҥҥү ыалдьыты билиһиннэрдэ.

Ольга Николаевна Громова:

— Бүгүҥҥү көрсүһүүнү махтал тылларыттан саҕалыахпын баҕарабын. Үлэм сүнньүнэн Сунтаар улууһугар кэлэ турарбыттан, Сунтаар култууратын бастыҥ, тутаах дьонун кытта үлэлэһэ сылдьарбыттан үөрэбин. Аан бастаан Леонид Поповка киинэ оҥорорбор көмөлөспүт Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэ кэлэктиибигэр махталбын этэбин, — диэн туран, Ольга Николаевна түмэл таһаарбыт киинэлэрин, кинигэлэрин олохтоох бибилэтиэкэҕэ бэлэх уунна.

Мусуой уопсайа 300-чэ киинэни, үгүс-элбэх кинигэни таһаарбыт эбит. Ольга Николаевна түмэл үлэтин билиһиннэрэрин быыһыгар үлэлээбитин былаһын тухары үлэ сүнньүнэн Сунтаарга эргиллэн кэлэ турарын бэйэтэ да олус сөҕөрүн долгуйа бэлиэтээтэ. Бу курдук истиҥ кэпсэтии, сэһэргэһии кэннэ мустубут сорукпутугар — киинэҕэ — киирдибит.

Киинэ режиссера Мила Кудряшева өссө эрдэ, хамсык туруон иннинэ, Сунтаар улууһугар кэлэ сылдьыбыт. Ол туһунан Ольга Николаевна:

— Сунтаар улууһугар динозавр уҥуохтарын булбуттара. Арай, Санкт-Петербуртан эрийэллэр: «Эһиэхэ ону булбуттар, биһиги эһиэхэ бардыбыт», — диэн. Биһиги аймана түстүбүт. Ол эрээри ыалдьыттары көрүстүбүт. Дьиҥэр, биһиги түмэлбит итиннэ соччо сыһыана суох үлэлээх дьон буоллахпыт. Дьоммут: «Сунтаарга барабыт, киинэ оҥоробут, барсыҥ», — диэтилэр. Онно кэлэн киинэ устубуттара. Режиссербут, Мила Кудряшева, ол кэлэ сылдьан саха кэрэ куоларын олус таптыы, сэргии көрбүтэ. Бу кэрэ аҥаардар тустарынан «документальнай киинэ устуохха наада» диэн биһиэхэ сибээскэ тахсыбыта. Киинэ дьоруойа артыыс буолбакка, дьиҥ олоххо баар саха дьахтара буолуохтаах диэн этэ. Инньэ гынан, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн куоҥкурус биллэрдибит: «Сахалыы тыллаах-өстөөх, төрүт үгэскин өрө тутар кэрэ аҥаар, бэйэҥ тускунан эссетэ суруй» диэн. 500-чэ финалистан талыллыбыт кэрэ аҥаардары киинэҕэ үс новелланан устубуттара. Туяра Жиркова диэн Хомус түмэлин үлэһитэ, Арчыына-Варвара Степанова, М. Жирков аатынан мусукаалынай колледж преподавателэ, «Айархаан» бөлөхтөн Нарияна Ренато уһуллубуттара.

Киин бибилэтиэкэҕэ мустубут дьон теленовелла 2-с чааһыгар дьиҥ сахалыы иитиилээх, кэрэ аҥаардар күннээҕи олохторун быыһыгар хомустуулларын, ыллыылларын-туойалларын сэҥээрэ көрдүбүт.

Киинэ кэнниттэн бастакы ыйытытык: «Бу хомусчут кыргыттар тоҕо «Удаганки» диэн ааттаннылар?» диэн буолла.

— Бу — Санкт-Петербург көрүүтүнэн уһуллубут киинэ. Биһиги» «Хомусистки диэбэппит дуо?» — диэн санаабытын тута эппиппит. Хомус тыаһа атын омук кулгааҕар иһиллэринэн, отой ураты турукка киллэрэринэн киинэ устааччылар итинник ааттаабыттар. Ити ааты ылынар киһи ылынар, ылыммат да баар, — диэн хоруйдуур Ольга Громова.

Ити курдук киинэ кэннэ оҕоҕо аналлаах олоҥхоттон саҕалаан, атын омук дьүрүһүтэр үстүрүөмүөннэрин саха хомуһун баһыйар дьүрүскэн тыаһыгар киэн туттууга тиийэ олус истиҥ кэпсэтиилээх дьоро тэрээһини түмүктээтибит.

Бу саха төрүт үгэһин илдьэ сылдьар кэрэ аҥаардарбытын көрдөрөр, сырдатар «Женский голос Арктики» документальнай теленовелланы көрөргүтүгэр сүбэлиибин. Хас биирдии көрөөччү саха буоларын бу кэрэ куолар холобурдарыгар көрөн киэн туттуу кылам кыымын тутуоҕар эрэнэбин.

Марфа ИВАНОВА.

Читайте дальше