Уопуттаах педагог тус сэминээрэ буолла

Бүгүн Аллыҥа орто оскуолатыгар алын кылаас үөрэнээччилэригэр ааҕыы грамотнаһын сайыннарыыга аналлаах уоппуттаах педагог, алын кылаас учуутала Анна Евгеньевна Федорова улуустааҕы тус сэминээрэ буолла. Сэминээр малокомплектнай оскуола алын кылаас учууталларын түмтэ. Манна барыта 37 киһи кыттыыны ылла.

Тэрээһин үөрүүлээх арыллыытыгар оскуола дириэктэрэ Кирилл Марков, үөрэх салалтатын информационнай-методическай отделын сүрүннүүр исписэлииһэ Маргарита Попова эҕэрдэ тылларын эттилэр, учууталларга таһаарыылаах, ситииһиилээх күнү баҕардылар. Ол кэннэ кыттааччылар оскуола түмэлин сэргии көрдүлэр.

Сэминээр киин өттө аһаҕас уруоктар буоллулар. Ол курдук, Анна Евгеньевна 2 кылаастарга литературнай ааҕыыга үөрэнээччилэр толкуйдарын сайыннарыы методикатын көрдөрдө. Анна Евгеньевна наставник быһыытынан икки эдэр учуутала Аянитова О.А., Алексеева А.А. Саха сирин харыстанар кыылларын туһунан тулалыыр эйгэ уонна труд интегрированнай уруогун ыыттылар. Ону таһынан Федорова А.Е. Алексеева Д.А. кытта 1 кылаастарга төрөөбүт тыл уруогун ыыттылар.
Эбиэт кэннэ Анна Евгеньевна салайааччылаах 2 уонна 6 кылаас үөрэнээччилэрэ хоһоон аахтылар, сыанка көрдөрдүлэр. Анна Евгеньевна үөрэтэр оҕолоро бары сүрдээх чаҕылхайдара, дикциялара, ааҕар тэтимнэрэ үчүгэйэ, уруоктарга көхтөөхтүк кытталлара, кэпсэтиилэрэ сөхтөрөр. Ол кэннэ Аллыҥа оскуолатын учууталлара Уарова Л.П., Аянитова О.А. «Олонхо дойдутугар айан» диэн умсугутуулаах квест-оонньуу тэрийэн ыыттылар.

Салгыы Анна Евгеньевна сэминээр кыттыылаахтарыгар көдьүүстээхтик үлэлииргэ саҥа инструменнары билиһиннэрдэ. Читательскай грамотнаһы үөскэтиигэ баай эйгэни тэрийиигэ маастар-кылаас ыытта. Кини үлэлээбит уопутуттан үллэһиннэ, функциональнай грамотность бары көрүҥнэрин баһылааһыҥҥа туһуламмыт үөрэх процеһын тэрийиигэ практическай сүбэлэри биэрдэ.

Сэминээр рефлексиянан түмүктэннэ, манна учууталлар санааларын атастастылар, ону сэргэ тэрийэн ыыппыт Аллыҥа оскуолатын учууталларыгар сертификат туттарылынна. Кыттааччылар бэйэлэригэр сыаналаах билиини ылбыттарын, саҥаны билбиттэрин-көрбүттэрин бэлиэтээтилэр. Тэрээһин улууспутугар үөрэхтээһин сайдыытыгар көмөлөһөр, учууталлар идэтийиилэрин үрдэтэр көдьүүстээх былаһаакка буолла.

Үөрэҕирии салалтатын пресс-сулууспата

Читайте дальше