Байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр туһааннаах көмөнү оҥоруу тиһигин быспакка ыытыллар, тэриллэр.
Сунтаар улууһун дьаһалтата байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан номнуо хаһыс даҕаны төгүлүн уолаттарга тиийэн, наадыйар тэриллэрин тиксэрэллэр. Соторутааҕыта улуус баһылыга Анатолий Григорьев салайааччылаах бөлөх биир дойдулаахтарбытын баран көрсөн кэлбитэ. Бу туһунан Сунтаар улууһун тус сыаллаах пуондатын салайааччыта Прокопий Иванов ааҕааччыларбытыгар маннык иһитиннэрэр:
– Көрсүһүүгэ улууспут аҕа баһылыга Анатолий Григорьев, үөрэх управлениетын салайааччыта Альберт Иванов, Элгээйи нэһилиэгин баһылыга Павел Григорьев уонна мин анал байыаннай дьайыы буола турар сирдэригэр тиийэн биир дойдулаахтарбытын көрсөн, кэпсэтэн, уопсастыбанньыктар уонна тэрилтэ үлэһиттэрин көмөлөрүнэн ылыллыбыт квадроциклы, сулууспа чэпчэки буоларыгар аналлаах малы-салы тиэртибит.
Ол курдук, Донецкай, Луганскай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэргэ, Запорожскай уобалаһынан араас байыаннай чаастар хабылыннылар. Улуус тэрилтэлэриттэн 1 мөл.573 солк. хомуллан, улуус сайдыытын тус сыаллаах пуондатыттан 4 мөл.890тыһ. үп көрүллэн уопсайа 6 мөл.643тыһ. солкуобай суумалаах көмө оҥоһулунна.
Бу мантан таҥас-сап, үрүксээк, кааска, утуйар таҥас уо.д.а. — 881 799,37 солк., туттар тэрил (генератор, фонариктар, аптечкалар, лазернай дальномер, аккумулятордар, прицеп уо. д.а.) – 636 386,00 солк., 2 устуука квардроцикл – 850 000,00 солк., квадрокоптер, каллиматор, тепловизионнай прицеллар, бронижилеттар, рациялар — 3 361 401,00 солк. ылыллан түҥэтилиннэ. СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин уонна Ураты харыстанар сирдэр, биологическай ресурса дирекцияларын кытта холбоон 436 600,00 солк. икки УАЗ массыына тупсарыллан, байыаннай дьайыыга кыттарга бэлэмнэнэн ыытылынна.
Уолаттарга төрөөбүт Сахаларын сириттэн, Сунтаардарыттан кырачааннар суруктара уонна ити үөһэ ааттаммыт тэриллэр тиксэриллэн, кыратык да буоллар дойду ахтылҕанын уҕарыттахтара. Кинилэр санаалара чиҥ, бөҕөх. Дойдубут көмүскэлэригэр сылдьар биир дойдулаахтарбыт сибээс баар эрэ буоллар чугас дьоннорун кытта билсэ тураллар.
Маны тэҥэ инники кирбииттэн сынньалаҥҥа тахсыбыттары, госпитальга эмтэнэ сытар байыастары холбоон уопсайа 49 уолга көмө оҥоһулунна. Ону сэргэ ротнай хамандыырдары кытары үлэлэһэн элбэх оҕолоох 2 байыас дьиэлэригэр төннөллөрүн курдук кэпсэтии ыытылынна. Бу сырыыбытыгар уолаттарбыт уоппускаҕа кэлиилэрин-барыыларын боппуруоһун тула үгүс кэпсэтии барда.
Элгээйи нэһилиэгэр ийэ дойдуларыгар ытык иэстэрин толоро сылдьар ыччаттарга анаан Дойдум кэһиитэ диэн аһымал аахсыйаны сөргүтэн биир дойдулаахтарыгар ас-үөл наборун — хатарыллыбыт убаһа этин, собо миинэ (хатарыллыбыт), отон муоруһун, дьэдьэн барыанньатын тиксэрилиннэ.
Донбаһы өйүүр хотугулуу-илиҥҥи көмө-өйөбүл пуондата Саха сириттэн сылдьар байыастарга мал-сал таһарга көмө буоллун диэн Сунтаар улууһун аатыттан прицеп туттарылынна.
Маннык араас хайысхалаах көмө оҥоһуллара биир сыалы ситиһэргэ улахан төһүү күүс буолар. Онон улуус дьаһалтатын уонна улуус сайдыытын тус сыаллаах пуондатын аатыттан көмө оҥорууга көхтөөхтүк кыттар улууспут олохтоохторугар улахан махталбытын тириэрдэбит.
Биһиги биир дойдулаахтарбыт сотору кэминэн кыайыы көтөллөөх эргиллиэхтэрэ, уолаттарбыт бу маннык биир дойдулаахтарын көмөлөрүн тутан, көрсүһэн, дойдуларын сонунун кэпсэтиһэн санаалара сырдаан, бөҕөргөөтүн, этэҥҥэ эрэ буоллуннар.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат.