Уолаттарбытыгар анаан баһыылка оҥордубут

Сунтаар улууһун дьахталларын ыҥырыытын өйөөн, Кэмпэндээйитээҕи «Арассыыйа Ийэлэрэ» түмсүү анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар анаан баһыылкалары оҥорон ыыттыбыт. Сиэл, ымыы харысхаллары, буойуттарга суругу Светлана Гуляева салайыытынан оскуола кэлэктиибэ  оҥортордо. Матырыйаалын В. Н. Федотова хааччыйда. Олохтоох дьаһалта (баһылык Александр Игнатьев) 20 м анал таҥаһы атыылаһан биэрдэ. Александра Архипова салайааччылаах «Хаарчаана» уһуйаан кэлэктиибэ, ыҥырыыны бастакынан өйөөн, куллуку тиктилэр. «Сир Уустара» өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕолору үөрэтэр-чэбдигирдэр киин кэлэктиибэ Маргарита Иванова салайыытынан куллуку тиктилэр, халыҥ, ичигэс наскы атыылаһан биэрдилэр. Бу кииҥҥэ үлэлиир Анастасия Никифорова бэйэтин матырыйаалынан куллукулары тиктэ. «Аартык» түөлбэлэр (сал. Лидия Кондратьева) 1500 солк. наскылары, кэмпиэттэри ылбыттарын тиксэрдэ. Бибилэтиэкэр Татьяна Местникова 1500 харчынан, «Сайдыы» култуура киинин кэлэктиибэ (салайааччы Анна Тотонова) харчынан кыттыстылар . «Кэмпэндээйитээҕи туус хампаанньата» тэрилтэ дириэктэрэ Алексей Игнатьев Кэмпэндээйи тууһун биэрэн, дьоҕус пластмасс бытыылкаларга кутан, күөмэй, тиис ыарыыларыгар хайдах туттары суруктаан оҥордубут. Нэһилиэккэ баар маҕаһыыннар эмиэ туора турбатылар, ол курдук, «Талисман» маҕаһыын (сал. Сусанна Яковлева) хас да халыҥ наскыны тиксэрдэ. «У Кати» маҕаһыын (сал. Екатерина Саввинова) элбэх көмөнү оҥордо.Куораттан анал байыаннай халыҥ бэрчээкилэри, халыҥ наскылары атыылаһан аҕалан туттарда. Хаалбыт үбүнэн наскы, таас кэмпиэт ылан эптибит. Бу маннык биир киһи курдук сомоҕолоһон үлэлээн, анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар уопсайа 100 устуука набору оҥорон, бары этэҥҥэ дьиэлэригэр эргиллэн кэллиннэр диэн алҕаан туран улуустааҕы штабка туттардыбыт. Манна кыттыбыт үтүө санаалаах дьоммутугар, оҕолорбутугар күүс-көмө буолбуккутугар барҕа махтал буолуохтун. Кэлэн иһэр Саҥа дьыл доруобуйаны, ситиһиини, дьолу-үөрүүнү, кыайыыны эйэни эрэ аҕаллын.

 Любовь ОСИПОВА, Кэмпэндээйитээҕи «Арассыыйа Ийэлэрэ» түмсүү салайааччыта

Читайте дальше