Ахсынньы 1 күнүгэр, Элгээйитээҕи «Оһуор» култуура киинигэр, тапталлаах «Ёлочка» уһуйааммыт 60 сыллаах үбүлүөйүн үөрүүлээх-быһыыга майгыга бэлиэтээтибит. Сынньанар сиргэ бэтэрээн үлэһиттэрбит көрөн үөрдүннэр диэн урукку уһуйаан олоҕун көрдөрөр фотозона, сэбиэскэй сойуус саҕанааҕы оонньуурдар быыстапкалара тэрилиннэ. Оҕолор, төрөппүттэр сатабыллаах илиилэринэн оҥорбут үлэлэрин быыстапката уурулунна. Аал-луук мас лабаатыгар урукку-билиҥҥи үлэһиттэр хаартыскаларын хомуйан иилии үлэтэ саҥа сонун саҕалааһын быһыытынан туруорулунна. Кэлин Аал- луук маспыт лабаата саҥа хаартыскаларынан туолан эбиллэн, тэнийэн иһиэҕэ диэн эрэллэхпит.
Үөрүүлээх тэрээһин нэһилиэк саҥа дьыллааҕы харыйатын уотун уматыынан, иитиллээччилэрбит бэйэлэрэ оҥорбут саҥа дьыллааҕы оонньуурдарын харыйа лабаатыгар иилиилэринэн саҕаланна.
Умнуллубат оҕо саас көмүс ньээкэ уйата буолбут Элгээйи холбоһуктаах үс уһуйаанын баай историятын халыҥ халҕанын сэгэтэн көрдөрөр видео презентация көрдөрүүтүнэн бырааһынньык үөрүүлээх чааһа аһылынна. Сыана иһэ ып-ыраас, дьоллоох оҕо сааһы кэрэһэлээн үп-үрүҥ өҥүнэн киэркэйбитэ кэлбит ыалдьыттар, уһуйаан бэтэрээннэрин, үөрүүлээх тэрээһин кыттааччыларын сүргэлэрин көтөхтө.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһыгар ыраахтан-чугастан мустубут ыалдьыттар, үбүлүөйгэ кэлбит уһуйаан бэтэрээннэрэ, урут-хойут уһуйааҥҥа иитиллэн тахсыбыт оҕолор, үлэлээн ааспыт үлэһиттэр видео эҕэрдэлэрин, кэнники сылларга иитиллэн тахсыбыт уонна билигин иитиллэ сылдьар оҕолорбут ырыаларын-үҥкүүлэрин, үлэлии сылдьааччылар музыкальнай эҕэрдэлэрин дуоһуйа иһиттилэр, көрдүлэр, өйдөбүнньүк сэмэй бэлэх туттулар.
Дьоро күн үөрүүлээх түгэнинэн Сунтаар улууһун баһылыгын имиджевай уонна социальнай бэлиитикэҕэ солбуйааччыта Гаврил Еремеев, Сунтаар улууһун дьаһалтатын отделын сүрүннүүр исписэлииһэ Наталья Егорова, Сунтаар улууһун үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын бэрэссэдээтэлин эбээһинэһин толорооччу, Сунтаардааҕы үөрэҕирии эйгэтин оскуолаҕа киириэн иннинээҕи үөрэхтээһин салаатын сэбиэдиссэйэ Нина Павлова, Элгээйи нэһилиэгин аҕа баһылыга Павел Григорьев эҕэрдэ тылларын эттилэр, уһуйаан үлэһиттэригэр наҕараадалары туттардылар.
Салгыы Элгээйибит нэһилиэгин тэрилтэлэрин, бэтэрээн үлэһиттэрбит, иитиллээччилэрбит эҕэрдэлэрин, бэлэхтэрин тутан үөрүү-көтүү үктэллэннибит.
60 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиммит итии чэйдээх остуол тула олорон уһуйаан урукку, билиҥҥи үлэтин туһунан бэтэрээннэрбит ахтыыларын истиинэн, көрдөөх түгэннэри ахтан-санаа ааһыынан, сонун оонньуулары оонньооһунунан түмүктэннэ.
Бары ыҥырыыны ылынан кэлбит ыалдьыттарбытыгар, бэтэрээн үлэһиттэрбитигэр уһуйаан кэлэктиибин аатыттан барҕа махталбытын тириэрдэбит уонна туох баар бары үчүгэйи, чэгиэн доруобуйаны, олоххутугар дьолу-соргуну баҕарабыт.
Марина ХАРИТОНОВА,
“Елочка” уһуйаан сэбиэдиссэйэ.