Улуустааҕы сэминээр педагогтары түмтэ

Бэҕэһээ, тохсунньу 19 күнүгэр, Б.Н. Егоров аатынан Күндэйэ орто оскуолатыгар уонна «Күнчээн» оҕо саадыгар оҕо уһуйаанын уонна алын кылаас оскуолатын педагогтарыгар аналлаах улуустааҕы сэминээр буолан ааста. «Оскуола иннинээҕи саастаах оҕо тэрилтэлэрин уонна алын кылаас оскуолаларын көрүҥнэрин, үөрэтэр уонна иитэр ньымаларын тупсарыы» диэн сэминээргэ Сунтаар улууһун алын кылаас оскуолаларын методическай холбоһуктара, үөрэх салалтатын методистара, оскуола дириэктэрдэрэ, уһуйаан иитээччилэрэ, о.д.а. — барыта 109 педагог кыттыыны ылла. Бу үгүс педагогу түмпүт тэрээһиҥҥэ араас тиэмэлээх дьарыктар, квест оонньуу, уруоктар ыытылыннылар. Күндэйэтээҕи оҕо уһуйаанын уонна оскуолатын педагогтара үлэ үөрүйэхтэрин утумнааһыҥҥа уопуттарын үллэһиннилэр. Сэминээр чэрчитинэн төгүрүк остуол, ыытыллыбыт дьарыктары, уруоктары, маастар-кылаастары ырытыһыы буолла. Бу күн улуустааҕы сэминээргэ мустубут педагогтар биир идэлээхтэриниин алтыһан, үлэҕэ үөрүйэхтэрин үллэстэн, инники айымньылаах үлэлэригэр үгүс сонун идиэйэлэри сомсон, бэркэ астынан-дуоһуйан тарҕастылар.

«Сунтаар сонуннара» хаһыат.

Читайте дальше