«Доруобуйа харыстабыла» национальнай бырайыак чэрчитинэн, биһиги улууспут киин балыыһатыгар түөрт санитарка массыына бэриллибит. Билигин тиэхиньикэлэр докумуоннарын оҥорторор түбүгэр сылдьаллар. Онон кэлэр нэдиэлэ бүтүүтэ улууска аҕалыахтара.
Бу саҥа кэлиэхтээх массыынал Түбэй Дьаархаҥҥа, Кутанаҕа, Бүлүүчээҥҥэ уонна улуустааҕы поликлиникаҕа анаммыттар.
«Тимир көлөлөр ордук тыа сиригэр уонна ыраах сытар нэһилиэктэргэ суһаллык медицинэ көмөтүн оҥорорго олус наадалаахтар, туһалаахтар. Дойду бэрэсидьинэ Владимир Путин көҕүлүүр национальнай бырайыагынан биһиги тэрилтэбитигэр быйыл хас да массыына кэлбитэ, нэһилиэктэринэн тыырыллан, нэһилиэнньэ доруобуйатын туһугар бэркэ сүүрэ сылдьаллар», — диир улуустааҕы киин балыыһа кылаабынай бырааһа Анатолий Назаров.
«Сунтаар сонуннара» хаһыат