Улуустааҕы “Байанай бэлэҕэ” күрэһэ түмүктэннэ

Б.Н. Андреев аатынан Айылҕа түмэлэ, Уйбаан Нуолур аатынан Элгээйитээҕи модельнай бибилэтиэкэ тэрийэн ыыппыт улуустааҕы “Байанай бэлэҕэ” күрэс бэйэтин кыайыылааҕын таһаарда.

Күрэс сүүмэрдиир түһүмэҕэр, викторина ыйытыктарыгар, Хороттон, Күндэйэттэн, Маар Күөлтэн, Тойбохойтон уонна Мииринэй оройуонуттан эппиэттэр киирэннэр кыайыылаахтары быһаардыбыт. Ол курдук:

I м. – Ариша, Зиновий Ивановтар, МаарКүөл нэһилиэгэ; II миэстэ – Н.П.Леонтьев, Юлианна Леонтьева, Тойбохой нэһилиэгэ уонна  Сабрина, Ньургун Корякиннар, Мииринэй оройуона.

III м. — Элгээйиттэн  Айуран, Александр Поротовтар, Маар Күөлтэн Андрей, Дима Спиридоновтар, эбэлэрэ Татьяна Алексеева. Күндэйэттэн Андриан, Сариана, Сардаана Николаевтар эмиэ үһүс мистэни ыллылар.

Викторина кыайыылаахтарыгар грамота, кыттааччыларга туоһу сурук ыытылынна.

Түмүктүүр түһүмэхпитигэр — кылаан кыайыылаахтары быһаарыыга — Элгээйиттэн Александр уонна Айуран Поротовтар үрдүк бэлэмнээхтэрин көрдөрөннөр кыайыылаах таҕыстылар. “Корона” маҕаһыынтан 5000 суумалаах сэртипикээт, Добун сурук туттарылынна.

Онон бары кыайыылаахтарга, кыттааччыларга барыбыт аатыттан махталбытын, Баай Байанай мичик гыннын диэн алгыспытын тириэрдэбит.

 

Күннэй КИРИЛЛИНА, Б.Н. Андреев аатынан Айылҕа түмэлин эбии үөрэх педагога.

Читайте дальше