“Доруобуйа” национальнай бырайыак чэрчитинэн рак ыарыыны эрдэттэн билэр, эмтиир сыаллаах Дьокуускайдааҕы онкодиспансер быраастара өрөспүүбүлүкэ улуустарыгар сылдьан дьону көрөллөр-истэллэр.
Биһиги улууспутугар бу ый 3-9 күннэригэр түөрт киһилээх биригээдэ кэлэн үлэлээн барда. Быраастар Бүлүүчээҥҥэ, Кириэстээххэ, Тойбохойго, Уһун Күөлгэ сылдьан 195 киһини көрдүлэр, 289 анаалыс ыллылар уонна 400-тэн тахса киһини УЗИга түһэрдилэр. Көрүү түмүгүнэн 11 киһини өрөспүүбүлүкэтээҕи онкодиспансерга эбии бэрэбиэркэлэнэ баралларыгар направление биэрдилэр.
Онкодесант быраастара доруобуйаларын бэрэбиэркэлэнээччилэргэ сүбэ-ама биэрдилэр, араас ыйытыыларга хоруйдаатылар.
Бу маннык сырыы ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр, дьон доруобуйата тупсарыгар туһуланар.
“Сунтаар сонуннара” хаһыат