Бу кэлиҥҥи сылларга дойдубут, өрөспүүбүлүкэбит, улууспут биллэ сайдан, тупсан, улаатан иһэрэ кими баҕарар үөрдэр. Дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин дьон-сэргэ олоҕо тупсарыгар туһаайбыт национальнай бырайыактара олоххо киирэллэр. Ол курдук, холобур, биһиги улууспутугар олорор дьиэ, олох-дьаһах эйгэтэ тупсан иһэр. Кэнники сылларга сайдыы суолун тутуһан табыгастаах эйгэ олохтонор.
Бырамыысыланнас
Биһиги улууспутугар бырамыысыланнас улахан тэрилтэтинэн «Сунтарцеолит” буолар. Ону сэргэ Кэмпэндээйитээҕи туус собуота эмиэ бу эйгэҕэ киирэр.
«Сунтарцеолит» ХЭТ чох, цеолит хостооһунунан дьарыктанар. Ону сэргэ бэйэ олохтоох матырыйаалыттан пеноцеолит оҥорон таһаарар сыаҕы үлэлэпппитэ хаһыс да сыла.
Сылга 35000 т цеолит хостуур. Маны сүрүн туһанааччынан АЛРОСА хампаанньа буолар.
Тэрилтэ массыыналары гаһынан хааччыйар станцияны аһан үлэлэтэ турар. Станция үлэлиэҕиттэн 315 тыһ. литр гаһы туһаҕа таһаарда.
“Сунтарцеолит” ХЭТ сылга 50 тыһ. т таас чоҕу хостуур. Сүрүн туһанааччы – ОДьКХ Сунтаардааҕы филиала, итини тэҥэ чоҕу Өлүөхүмэ, Мииринэй уонна Ленскэй тэрилтэлэрэ ылаллар.
Бу ааспыт сылга аһылыкка туттуллар 64 т тууһу бэлэмнээн, суулаан-хаалаан атыыга таһаарда. Бородууксуйа өрөспүүбүлүкэ эргиэнин ситимнэригэр хамаҕатык атыыланар.
“Кэмпэндээйи” туус хампаанньата 1840 т техническэй тууһу хостоото.
Тыа хаһаайыстыбата
Кэлиҥҥи биэс сылга тутуулар:
– Хотон – 8
– Сайылык – 3
– Сүөһүнү өлөрөр, астыыр анал сыах – 2
– Сиилэс угар траншея – 6
– 124 км усталаах сир күрүөлэннэ
– Тойбохойго уотурба оҥорор собуот
– Көтөр пиэрмэтэ – 1
Граннар:
– 13 пиэрмэргэ уопсайа 65 мөл. солк. суумалаах бэрилиннэ
– «Агростартап» гранын 9 саҥа саҕалыыр пиэрмэр туһанна, уопсай суумата – 34,5 мөл. солк.
– «Семейный фермер» гранын 4 үлэлии сылдьар пиэрмэр, уопсай суумата – 30,7 мөл. солк.
Олох-дьаһах эйгэтигэр
Кэнники биэс сылга:
– ОДьКХ Сунтаардааҕы филиала үлэлэтэр: 29 хочуолунайы, 10 ууну ыраастыыр станцияны (итинтэн 6-та модульнай).
– 3297 электричество уотун тириэрдэр опора өрөмүөннэннэ
– Сунтаар нэһилиэгэр 35/10 кВ кыамталаах подстанция үлэҕэ киирдэ
– Уопсайа 22,6 МВт кыамталаах 4 хочуолунай тутулунна уонна өрөмүөннэннэ
– 8,33 км усталаах итии уу ситимэ уларытылынна, өрөмүөннэннэ
– Киин ититиигэ холбонно: 35 чааһынай ыал, 3 баанньык, 7 элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ.
– Хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааманан дьиэлэннилэр: 900-тэн тахса киһи.
– Үлэҕэ киирбит олорор дьиэ уопсай иэнэ: 44 624,5 кв. м
– Эдэр ыалы олорор дьиэнэн хааччыйыы бырагырааматынан субсидияны ылла: 86 дьиэ кэргэн
– “САССР 100 сыла” микрооройуон тутулунна
Былааҥҥа баар тутуу: Сунтаардааҕы 7№-дээх хочуолунай чох уурар ыскылаата.
Суол-иис эйгэтигэр
Кэнники биэс сылга оҥоһулунна:
Федеральнай суол – 54,97 км
Муниципальнай – 20,5 км
Өрөмүөннэннэ:
– 21,5 км усталаах массыына суола
– 3 муоста
Былааҥҥа баар тутуу:
– 15,5 км усталаах муниципальнай суол
– 2 муоста
Национальнай бырайыактар
Кэнники биэс сылга үлэҕэ киирдэ:
Оскуола – 3 (260 миэстэлээх)
Уһуйаан – 2 (290 миэстэлээх)
Доруобуйа харыстабылын эбийиэгэ – 3
Доруобуйа харыстабылын эбийиэктэригэр хапытаалынай өрөмүөн – 2
Оскуолалар базаларыгар – 16 “Точка роста” киин
Былааҥҥа баар тутуу:
Уопсайа 530 миэстэлээх 2 оскуола
Уопсайа 280 миэстэлээх 4 уһуйаан
Уопсайа 520/236 миэстэлээх 10 оскуола-саад
1 доруобуйа харыстабылын эбийиэгэ
Тыа сирин тупсарыыга
Элгээйигэ дьоҕус сынньалаҥ паарка (2023) “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн” диэн тосхолунан тутуллан бэс ыйын 1 күнүгэр киирбитэ.
“Албан Аат болуоссата”(2019) Балаҕан ыйын 13 күнүгэр Улуу Кыайыы 75 сылыгар анаан болуоссат аанын тэлэччи арыйбыта. Тутууну «Главстрой» ХЭТ ыыппыта. Болуоссакка фонтан, тааҥка, умуллубат төлөн, Улуу сэриигэ аналлаах мэҥэ бэлиэ баар. Дьон сөбүлээн сынньанар сиригэр кубулуйда.
Саҥардыллыбыт Ленин болуоссата (2023) «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» национальнай бырайыак чэрчитинэн тупсаҕай эйгэни тэрийии тосхолунан саҥардылынна. Дьиэ кэргэнинэн, оҕолор сынньаналларыгар, күүлэйдииллэригэр аналлаах аныгы тутуулаах болуоссатынан буолла.
Успуорт эйгэтэ
Улууспутугар федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи да бырагырааманан нэһилиэнньэ доруобай, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буоларыгар элбэх тэрээһин ыытыллар. Успуорт эбийиэктэрэ өрөмүөннэнэллэр, араас успуорт тэриллэрэ атыылаһыллар. Холобур, бу кэнники сылга Илимнииргэ уонна Хордоҕойго успуорт комплекстара тутуллан үлэҕэ киирдилэр. Былырыын Сиэйэҕэ элбэх функцияны толорор култуура уонна успуорт киинэ «Үтүө дьыала» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраама чэрчитинэн тутуллан киирбитэ.
Былааҥҥа баар тутуу: Хадаҥҥа успуорт саалата, Маар Күөл оскуолатыгар успуорт саалата уонна Сунтаар нэһилиэгэр бассейн бастакы уочарата тутуллан үлэҕэ киириэхтэрэ.
СИБЭЭС
Былырыын Сунтаар улууһун 4 нэһилиэгэ: Туойдаах, Тэҥкэ, Хадан, Толоон түргэн интэриниэттээх суотабай сибээскэ холбоммута. Онон улуус бары нэһилиэгэ суотабай ситиминэн толору 100% хааччылынна.
Култуура эбийиэктэрэ
С.А.Зверев-Кыыл Уолун аатынан улуустааҕы норуот айымньытын киинэ (2020). С.А.Зверев-Кыыл Уола төрөөбүтэ 120 сылын көрсө бу баараҕай тутуу үлэҕэ киирбитэ. Киин Сунтаар нэһилиэгин биир бастыҥ, кэрэ көстүүлээх дьиэтинэн буолар. 1 тыһ. 600 кв. м иэннээх дьиэҕэ 350 миэстэлээх аныгы тиэхиньикэнэн толору хааччыллыбыт көрөөччү саалата уонна мунньахтыыр, үҥкүү хосторо баар. Өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар биир бастыҥ оҥоһуулаах, хааччыллыылаах култуура киининэн буолар.
Сунтаар-Ньурба аартыгар бэлиэ (2022) Сунтаар улууһун күнүгэр балаҕан ыйын 22 күнүгэр Сунтаар Ньурба аартыгын тохтобулугар сахалыы тыыннаах улахан бэлиэ турбута. “Сунтаар – олоҥхо дойдута” бэлиэ айан аартыгар турар буолан, дьон тохтоон сынньанан ааһар миэстэтинэн, Сунтаар улууһун билиһиннэрэр биир биллэр бэлиэтинэн буолла.
Кэмпэндээйигэ “Сайдыы” култуура киинэ (2024) Саҥа култуура киинэ үүммүт 2024 сылга “Култуура” национальнай бырайыак чэрчитинэн, федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 153 мөл. солк. үбүлэнэн тутуллан үлэҕэ киирдэ. Баараҕай тутуу 988 кв. м иэннээх, 150 миэстэлээх көрөөччү саалалаах, аныгы тиэхиньикэнэн толору хааччыллыылаах.
Анатолий Иванов, бэйэ дьарыктаах:
— Тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар сыл ахсын үлэ тэтимирэн иһэр. Холобур, кэпэрэтииптэргэ элбэх тутуу барда. Олохтоох бородууксуйаны дэлэтиигэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар урбаанньыттар үлэлэрин көрүҥүн кэҥэтэн иһэллэрэ үөрдэр.
Тыа хаһаайыстыбата сайдарыгар улууспут дьаһалтатыттан, өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут салалталарыттан улахан өйөбүл баара бу биһиги курдук төрүт дьарыгы илдьэ сылдьааччыларга улахан тирэх буолар.
Раиса Артемьева, Сунтаар олохтооҕо:
— Бу кэлиҥҥи сылларга улууспут тупсан-сайдан иһэр. Холобур, «Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагырааманан элбэх ыал саҥа дьиэлэннэ, куораттартан туох да итэҕэһэ суох усулуобуйаҕа олорор буоллубут.
Софья Игнатьева, П.Х.Староватов аатынан Элгээйи орто оскуолатын дириэктэрэ:
— 2022 сыллаахха Элгээйи нэһилиэгэр дьоҕус сынньалаҥ паарката киирбитигэр олохтоохтор үөрүүбүт муҥура суох этэ. Тыа сиригэр маннык кэрэ көстүүлээх сынньанар сир баара сайдыылаах дойдуга олорорбут бэлиэтэ буолар. Күннэтэ пааркаҕа оҕолор былаһааккаҕа оонньууллар, дьиэ кэргэнинэн биэрэк устун хааман дьаарбайалларын көрүөххэ олус үчүгэй.
Любовь Осипова, Кэмпэндээйи нэһилиэгин олохтооҕо:
— Кэмпэндээйи нэһилиэгэр өр көһүппүт култуурабыт киинэ киирбититтэн олохтоохтор үөрүүбүт үгүс. Биһиги нэһилиэкпитигэр элбэх талааннаах дьон олорор. Хас да үҥкүү кэлэктииптэрэ баар. Мантан инньэ саҥа кулууппутугар араас тэрээһиннэр быыстала суох ыытыллыахтара. Дьон духуобунай сайдыыта нэһилиэккэ култуура киинэ баарыттан аһара тутулуктаах.
Элгээйитээҕи врачебнай амбулатория дириэктэрэ Светлана Конобулова:
— Биһиги улууспутугар бу кэнники сылларга нэһилиэктэргэ ФАП-тар тутулуннулар, өссө нэһилиэктэргэ аптека пууннара аһыллан эрэллэр. Элгээйигэ балыыһа тутуута саҕаланна. Балыыһалар анал тиэхиньикэлэринэн хааччыллаллар.
Степан Алексеев, Сунтаар нэһилиэгин олохтооҕо:
— Киһиргээбэккэ эттэххэ, Сунтаар улууһун суоллара, атын улуустары кытта тэҥнээх көрдөххө, туруга уонна сырыыта быдан ордук. Бу мин бэйэм эрэ көрүүм санаам буолбатах, атын улуустан суоппар доҕотторум эмиэ оннук көрүүлээхтэр.
Суолларбыт тупсан иһэллэрэ «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайыак чэрчитинэн барарын билэбит.
Кэнники сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ айан суолларын өрөмүөнэ уонна оҥоһуута олох тубуста. Холобур, уонча сыллааҕыта Сунтаартан куоракка диэри эрэй бөҕөтүнэн айаннаан тиийэр буолар этибит. Билигин балаһыанньа тосту уларыйда, сырыы элбээтэ, сылайбакка айаннаан тиийэҕин уонна массыынаҥ даҕаны алдьаммат.
Улууспутугар суол оҥоһуута, федеральнай трасса ааһар буолан, тубуста, элбэх сиргэ аспаал суол баар буолла. Нэһилиэктэр ыккардылара эмиэ тубуста.
Суол-иис туруга улуус сайдыытын туоһулуур.
Бэлэмнээтилэр: Яина ВЛАСЬЕВА, Марфа ИВАНОВА, Мира АФАНАСЬЕВА