Бүгүн улуус дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар Сунтаар улууһун күнүн бэлиэтиир улуустааҕы хамыыһыйа уочараттаах сүбэ мунньаҕа буолан ааста. Тэрээһини улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга уонна имиджевэй бэлиитикэҕэ солбуйааччы Гаврил Еремеев салайан ыытта.
Ол курдук, балаҕан ыйын 21 күнүгэр улууспут тэриллибитэ 222 сылын биһиги Г.Н. Саввинов-Уус Киргиэлэй аатынан култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар бэлиэтиэхпит.
Бырааһынньык үөрүүлээх аһыллыыта «Добун» түһүлгэҕэ күнүс 12 чаастан саҕаланыаҕа. Кэлбит дьон улууспут олоҕор-дьаһаҕар анаммыт быыстапканы көрүөхтэрэ, тыа хаһаайыстыбатын эҥин эгэлгэ бородууксуйатын хото атыылаһыахтара, күүстээхтэр, быһыйдар күөн көрсүүһүлэрин астына көрүөхтэрэ. Онтон 6 чаастан улахан кэнсиэр буолуоҕа. Эдэр дьон киэһэ 8-тан ырыалаах-үҥкүүлээх шоу бырагыраамаҕа сылдьан, дуоһуйа сынньаныахтара.
Гаврил АНДРЕЕВ.