Бүгүн Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, таптал, бэриниилээх буолуу күнүгэр Сунтаар улууһун дьаһалтатын мунньахтыыр саалатыгар улууспут киэн туттар дьиэ кэргэттэрин чиэстиир үөрүүлээх тэрээһин буолла. Сунтаар улууһун баһылыгын экэнэмиичэскэй сайдыыга уонна стратегическай былааннааһыҥҥа солбуйааччыта Борис Васильев ыҥырыылаах ыалдьыттары эҕэрдэлээн туран, үөрүүлээх быһыыга-майгыга наҕараадалары туттарда. Ол курдук, СӨ «Тапталлаах уонна бэриниилээх буолуу» түөскэ кэтиллэр мэтээлинэн наҕараадаланнылар Константин Михайлович, Марфа Николаевна Контогоровтар уонна Пантелеймон Максимович, Антонина Михайловна Семеновтар дьиэ кэргэттэрэ. Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сыл бастыҥ дьиэ кэргэнэ-2024” күрэскэ «СӨ кыһыл көмүс дьиэ кэргэнэ», «СӨ тыа сирин дьиэ кэргэнэ» күрэс кыттыылаахтара Розалия Антоновна, Иннокентий Иннокентьевич Алексеевтар, «СӨ эдэр дьиэ кэргэн» күрэс кыттыылаахтара Ксения, Дмитрий Погодаевтар, «СӨ элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнэ” күрэс кыттыылаахтара Варвара Валентиновна, Иван Владиславович Тихоновтар туоһу суруктары туттулар. Ону тэҥэ, сулууспалыы сылдьар уолаттар байыаннай чаастарын хамандьыырыттан оҕолорун дойдуга бэриниилээх, эппиэтинэстээх буолалларыгар сөптөөхтүк ииппиттэригэр, төрөппүттэригэр махтал суруктар туттарылыннылар.
Дьиэ кэргэн — олох төрдө, омук сайдар кэскилэ. Дьиэ кэргэҥҥитин харыстааҥ, таптааҥ, сыаналааҥ.
АЛЕНА ИВАНОВА