Сунтаар улууhун үөрэҕин салалтата иһитиннэрэринэн, быйыл улууска оскуола үөрэнээччилэригэр 18 сайыҥҥы лааҕыр үлэлиэҕэ.
Онтон 15 лааҕыра күнүскү бириэмэҕэ Сунтаар нэһилиэгин иһигэр уонна 3 лааҕыр улуус нэһилиэктэригэр төгүрүк суукка үлэлиэхтэрэ. Ол курдук, Хордоҕой нэһилиэгэр “Ситис” лааҕырга анал байыаннай дьайыы кыттылаахтарын оҕолоро сынньаныахтара, дьарыктаныахтара. Ону сэргэ Устьеҕа «Спасатель» уонна Күүкэйгэ «Альфа-спасатель» диэн лааҕырдарга оҕолор А-категория праваҕа үөрэниэхтэрэ.
Уопсайынан улуус лааҕырдарыгар бу сайын 595 оҕо хабыллыаҕа. Лааҕырдар бэс ыйын 5-26 күннэригэр үлэлиэхтэрэ.
Дмитрий ЫМЫЧАНОВ