Улуус күнүгэр туох тэрээһин буолар?

Олоҥхо дойдута Сунтаарбыт улууһун күнэ 2017 сылтан улуус дьокутааттарын сэбиэтин 37-с сессиятын быһаарыытынан балаҕан ыйын 21 күнүгэр бэлиэтиибит. Сунтаар күнэ бигэргэнэн, бэлиэтэнэр буолбута – төрөөбүт дойдубутугар бэриниилээх буолууну, устуоруйа кэрэһитин кэлэр көлүөнэ ыччакка билиһиннэрэр, дьоһун күн. Быйыл эмиэ үгэс быһыытынан бу күнү бэлиэтиэхпит. Бу туһунан Сунтаарбыт улууһун култууратын уонна айылгытын салалтатын салайааччыта Саргылаана Омукованы кытта сэһэргэстибит.
Дойдубутугар – Дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэбитигэр – Оҕо саас, улууспутугар – Аҕам саастаахтарга ытыктабыл сылларын чэрчитинэн Сунтаарбыт күнүн көрсөргө бэлэмнэнии үлэтэ бара турар. Ыытыллар тэрээһиннэр туһунан кэпсиир буоллахха, балаҕан ыйын 16 күнүттэн 27 күнүгэр диэри Сунтаарбыт күнүн үөрүүлээхтик бэлиэтиир тэрээһиннэрин декадата ыытыллыа. Ол курдук успуорт эйгэтигэр интэриэһинэй күрэхтэһиилэр – кыраккыы, ох саанан ытыы, нэһилиэктэринэн хомуур хапсаҕай, остуол оонньуулара тэриллиэ. Онтон балаҕан ыйын 20 күнүгэр Сунтаарбыт улууһун көмүс сиэрийэлэрин кинигэлэрэ сүрэхтэниэҕэ. Кэлэр сыл сайыныгар сүдү киһибит С.А.Зверев-Кыыл Уолун төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээри сылдьабыт. Бу үбүлүөйдээх тэрээһиммитигэр бэлэмнэнэн ыһыахтыыр пааркабыт өрөмүөнүн үлэтэ бара турар. Манан сиэттэрэн балаҕан ыйын 21 күнүгэр Сунтаарбыт күнүн «Алмаас» стадиоҥҥа бэлиэтиэхпит. Сылын аайы буоларын курдук элбэх күрэстэрдээх тыа хаһаайыстыбатын быыстапка-дьаарбаҥката ыытыллыа. Талба талааннаах дьоммут «Уустар түһүлгэлэригэр» атыы-эргиэн дьарбаҥкатын тэрийиэхтэрэ. Оҕолорго аналлаах былаһааккаларга — оонньуулар, викториналар, фотозона о.д.а. буолуо. Быйылгы тэрээһиммит уратытынан «Сыахай эйгэтэ» диэн улуустааҕы куукула оҥорооччуларын көрүү-күрэһэ буолар. Бу эһиилги үбүлүөйдээх ыһыахха бэлэмнэнии быһыытынан барыа. Ону тэҥэ «Ааһан иһэн ааҕан аас» диэн бибилэтиэкэ улуустааҕы аахсыйата ыытыллыа. Саҥа саҕалааччы уонна идэтийбит этээччилэргэ «Тупса тур төрүт дойдум» нэһилиэктэрин сырдатар тиэмэлээх, оһуохай күрэһэ буолара күүтүллэр. Үөрүүлээх күнү түмүктүүр, киэһэ өттүгэр Сунтаар улууһуттан төрүттээх саха эстрадатын чаҕылхай сулустара уонна Сунтаарбыт бастыҥ ырыаһыттара кыттыылаах «Сунтаар ааттыын да Аар» сахалыы кэнсиэр-дискотека тэриллиэҕэ. Бу киэһэ дьон-сэргэ кэтэһэр киирии билиэтинэн сүүйүүлээх лотерея оонньонуо. Бэлиэтээн эттэххэ, бу кэнсиэркэ киирбит үп-харчы байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмө быһыытынан барыаҕа. Онтон балаҕан ыйын 27 күнүгэр сонун тэрээһининэн норуодунай бэйиэт, биир дойдулаахпыт Наталья Михалева-Сайа хоһооннорунан «Эн арыйдыҥ хоһоон кинигэтин» испэктээк көстүөҕэ. Билигин күн аайы бэлэмнэнии үлэтэ бара турар. Манна Сунтаардааҕы В.Николаев аатынан норуодунай театр эдэр артыыстара оонньуохтара.

Алена ИВАНОВА

Читайте дальше