Ханнык даҕаны нэһилиэнньэлээх пуун бастакы уочараттаах соругунан дьон олорор-үлэлиир усулуобуйатын тупсарыы буолар. Хаарбах дьиэ элбэх, уулусса бадарааннаах буоллаҕына, уот-күөс, дьиэни ититии, уунан хааччыйыы мөлтөөтөҕүнэ ханнык да бөһүөлэк сайдар кэскилэ бытаарар.
Дьэ ол кэннэ салгыы сайдар суолбут бөһүөлэкпит тас көстүүтүн, тиэргэни, соппулуоту дьэрэкээн дьүһүннээһин, онтон бөһүөлэги бары өттүнэн тупсаҕай оҥоруу буолар. Тупсаҕай көстүүлээх бөһүөлэк дьон сынньанар сиринэн, пааркатынан, болуоссаттарынан, сквердэринэн, оҕолор оонньуур былаһааккаларынан киэркэйэр. Олору улууска араас кэмнэргэ ситиһиилээхтик үлэлээн ааспыт, чулуу дьон туһунан өйдөбүнньүк бэлиэлэр ситэрэн биэрэллэр. Олохтоох, кэлии даҕаны дьон, бөһүөлэк устун дуоһуйа хаама сылдьан, бу улуус үтүөкэн историятын туһунан өдөбүлү ылыахтаах, Сунтаар сэлиэнньэтин олохтоохторун үтүө аатын иҥэриниэхтээх, ыччаты үлэҕэ, үтүө санааҕа угуйуохтаах.
Сунтаар сэлиэнньэтэ билиҥҥи кэмҥэ ити ирдэбилгэ эппиэттиирдии сайдан иһэриттэн биһиги, бэтэрээннэр, астынабыт. Тутууга, тупсаран оҥорууга кэлиҥҥи сылларга биллэр-көстөр үлэ барбыт. Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатын көҕүлээһининэн, ити этиллибит үлэни салгыы ыытарга «Маастар-былаан» оҥоһуллар эбит. Итиннэ мин үөһэ эппит санаабын салҕаан, маннык чопчу этиилэрдээхпин.
1. Аан бастаан Сунтаар бөһүөлэгин тутуу генеральнай былаанын түргэнник оҥорторорго. Итинник былаан – булгуччулаах ирдэбил. Ким өйүгэр хайдах көтөн түспүтүнэн уонна бөһүөлэккэ онно-манна, одоҥ-додоҥ саҥа эбийиэктэри тутуу бары өттүнэн табыгаһа суох уонна экэниэмикэҕэ ночооттоох. Генбылаан быһыытынан саҥа олорор дьиэлэри кыбартаалынан ситэрэн тутар бары өттүнэн барыстаах.
Тыа сиригэр олорор уопсай дьиэлэри тутуу анал ирдэбилэ /СНИП/ баар буолуохтаах этэ. Билиҥҥитэ оннук ирдэбил суох. Онон үбү кэмчилиир сыалтан, экэнэмиистэр кыһарыйыыларынан, үгүс улуус 5 этээстээх дьиэлэри тутар. Атын дойдуларга, тыа сиригэр, сүнньүнэн 2 хайысханы тутуһаллар: кырдьаҕастарга, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо табыгастаах буоллун диэн 3 этээстээх дьиэлэри (5 этээстээх дьиэлэргэ лифт көрүллүбэт) уонна 2-лии этээстээх, 4-6 кыбартыыралаах, биирдии ыалга 4-5 суотай сир уһаайбалаах дьиэлэри туталлар. Итинник дьиэлэри бөһүөлэк кытыы кыбартаалларыгар тутуохха сөп. Бу маны өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатыгар туруорсан, быһаартарар наада.
2. Хаарбах дьиэттэн тупсаҕай, бары өттүнэн хааччыллыылаах дьиэлэри тутууну салгыы күүһүрдэн ыытарга. «Сельхозтехника» кыбартаалыгар диэри чааһынай дьиэлэри, бас билээччилэрин кытары саҥа тутуллар дьиэлэргэ көһөрөр усулуобуйаҕа дуогабар оҥорсон, билиҥҥи дьиэлэрин хаарбах дьиэлэр ахсааннарыгар киллэрэн, өрүс биэрэгинэн аныгы таас дьиэлэри тутууну генбылааҥҥа киллэртэрэргэ. Кэлин үтүө көстүүлээх олорор дьиэлэр кыбартааллара буолуон сөп.
3. Водозабор үлэҕэ киириитэ нэһилиэккэ дьон олоҕун төрдүттэн тупсарыыга дьоһун түгэнинэн буолуоҕа. Ону ситэрэн-хоторон, водозабор ситимин кыбартаал хочуолунайдарынан холботолоон, бөһүөлэк бары эбийиэктэрин хомунаалынай өҥө толору хааччыллыылаах буоларын ситиһэр соругу туруорунуохха. Оччоҕуна улуус, нэһилиэк салалтата «Маастар-былаан» бастакы уочараттаах соругун толорбутунан ааҕыллыа этэ.
4. Бөһүөлэк территориятыгар былаан быһыытынан көҕөрдүү үлэтин ыытыахха. Онно 76-78 сс. өрүс үрдүнээҕи уулуссаны көҕөрдүүнү холобур оҥостуохха сөп.
5. «Сельхозтехника» бэтэрээ өттүнээҕи өрүс биэрэгэ сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээн алдьанар кутталлаах. Онон ити учаастакка өрүс биэрэгин дьоһуннаахтык бөҕөргөтүү үлэтин былаанныыр наада.
6. Уулуссалар бетоннаммыттарынан, сатыы дьон сылдьарыгар тротуардары уонна уулусса уутун ыытар кюветтары кэҥэтэн, ууну ыытар ханаабаны оҥороруохха наада.
7. Сунтаар уонна улуус нэһилиэктэрин «Өрөспүүбүлүкэ улуустарын, оройуоннарын нэһилиэнньэлээх пууннарын гаастааһын бырагырааматыгар» киллэрэри өссө биирдэ туруорсуохха. Мин икки сыллааҕыта Сунтаар улууһун гаастааһын туһунан анал ыстатыйабар суруйан турабын. Гаастааһыны туруорсуу төрүөттэрэ онно ыйыллыбыта.
Улуус салалтатыгар, Сунтаар нэһилиэгин дьаһалтатыгар оройуон киинин тупсарыыга ситиһиилэри баҕарабын.
Сунтаар улууһун, Элгээйи, Хоро, Кундэйэ, Наахара
нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо
Климент Иванов.
Атырдьах ыйын 10 күнэ 2023 сыл.