Балтараа үйэ анараа өттүгэр II-с Бордоҥ нэһилиэгин кинээһэ, оччолорго сытыы-хотуу Иван Степанович Попов, көмүстээх Бодойбонон, Иркутскайынан, Дьокуускайынан сылдьан эргинэн нуучча дьоно балыыһалаахтарын, дьону эмтииллэрин көрөн, Сунтаар улууһугар балыыһа туттарар санааҕа киирэн, 1884 с., (ол саҕана 50 саастаах киһи) аҕата, бэйэтэ муспут харчытын Сунтаар сэлиэнньэтигэр балыыһа туттарарга, балыыһаны бэйэтин аатынан ааттатарга диэн кэриэс сурук (завещание) суруйан улуус хааһынатыгар буор босхо биэрэн турар. Оччолорго саха дьоно балыыһа диэн тылы билбэт кэмнэригэр, ыарыйдахтарына ойууну ыҥыран ыарыы абааһытын үтэйэн, кыра ыарыыга отунан-маһынан эмтэнэллэрэ. Саха дьахталлара балаҕаннарыгар бэйэлэрэ төрүүр этилэр.
Архыыпка ууруллан сытар кэриэс сурук (завещание) копията баар. Онно этиллэринэн маннык диэн суруллубут:
«Второе духовное завещание
Во имя Отца и Сына и Святого Духа, аминь, 1884 г., июля 1 дня
Я нижеподписавшийся староста 2 Бордонского наслега Сунтарского улуса, Иван Степанович Попов, будучи одержим продолжительной тяжкой болезнью и не надеясь на благоприятный ее исход, располагая своим благоприобретенным имением счел нужным составить сие второе добавочное Завещание, по первом распределив наследникам своим все свое имение во избежание бывающих между родственниками различных споров. Тяжбы и неприятностей и завещаю, избрав доверенным от себя Голову Сунтарского улуса Уара Яковлева Попова, построить в селении Сунтар большой дом со всеми службами, а именно: главный корпус должен быть один, как для помещения больных, так и для фельдшера и аптеки, должны быть потом кухня, баня, амбар, которые должны быть построены отдельно.
На содержание больных, прислуги, и для заведения аптечных принадлежностей, при сем представляю Г. Бланковый билет в десять тысяч (10000) рублей серебром, отделение Иркутское, №116 429 Лит. Г на 10 лет с 10 марта 1883 г. с тем, чтобы только проценты с этого капитала были расходуемы на это со дня открытия больницы, а самый капитал был бы неприкосновенным.
На постройку же упомянутых зданий в течение 4 лет, ныне представляю тому же Голове Попову квитанции Якутского Казначейства на 3510 рублей серебром серия Еб, № 081 467 от 28 января 1882 г по приходному журналу в книге 1 № 279.
В чем за незнанием грамоты вместе рукоприкладства прилагаю свою именную печать, староста 2 Бордонского наслега Иван Степанов Попов, коего описал Вл. Протопопов.
Сие духовное завещание со слов завещателя писал и он был в полном уме, в том свидетельствую духовный отец священник Василий Попов.
При составлении сего Духовного завещания присутствовали свидетели:
Иван Уваров – родович 2 Бордонского наслега.
Федор Иванов – родович, Торбоховского наслега
Сим Духовным завещанием довольны:
жена завещателя – Анна Егорова
сестра его – Феодосия Степанова,
брат его – Константин Степанов,
Присутствовали Управляющий наслегом Н. В. Филиппов, Голова Сунтарского улуса Уар Як. Попов. (ф. 12и, оп. 2, д. 4171, л.1,2)»
Кэриэс сурукка этиллэр уопсай суума оччотооҕу харчынан 13510 солкуобай эбит. Билиҥҥи кэм харчытынан суоттаан таһаардахха сөҕүмэр элбэх харчы буолар. Ити кэриэс сурук сурулларын саҕана Дьокуускай куоракка атыыһыттар лааппыларыгар, ырыынакка биир буут (16 кг) сибиэһэй ынах этин 60 кэппиэйкэ (копейка) харчыга атыылыыр эбит буоллахтарына, биир ынах этэ 7 солкуобайга турара. Ол саҕанааҕы кэмнэри историктар чинчийбиттэринэн атыыһыттар, саха дьонуттан биир сүөһүнү 2 солкуобайга атыылаһан баран 3 төгүл үрдэтэн куоракка атыылыыр эбиттэр. Оччолорго Иван Степанович Попов балыыһа туттарарга сиэртибэлээбит харчытынан 6755 сүөһүнү атыылаһыахха сөп. Билиҥҥи кэмҥэ биир ынах кырата 100000 (сүүс тыһыынча) солкуобайга турар буоллаҕына, уопсайа билиҥҥи харчынан 675 мөлүйүөн солкуобайы сиэртибэлээбит курдук буолан тахсар.
Бүлүү уокуругун улуустарыгар балыыһалары тутуу боппуруоһа II-с Бордоҥ кинээһэ Сунтаар улууһугар балыыһа тутуутугар харчы сиэртибэлээбитинэн сибээстээн 1886 сылтан саҕаламмыта. Ол курдук, Бүлүү уокуругун исправнига Кочеровскай Саха уобалаһын губернаторыгар В.Н. Скрыпицыҥҥа отчуоттаабыт докумуона архыыпка харалла сытар.
«В отчете за 1893г., имел честь подробно докладывать Вашему превосходительству о необходимости учреждения фельдшерского пункта в Сунтарском улусе, как в самом отдаленном от города. Средства для этого могут быть следующие. В 1884 г. инородец Сунтарского улуса Иван Попов завещал 13000 рублей на устройство в этом улусе ЛЕЧЕБНИЦЫ ЕГО ИМЕНИ НА ТРИ КРОВАТИ…
Господин начальник края (имеется в виду генерал-губернатор в Иркутске) признал эту сумму недостаточной для устройства и содержания лечебницы и нашел необходимым подождать до тех пор, пока эта сумма достигнет до 35 тыс. рублей» (ф.12и, по.1, д.13373, л.180).
Иван Попов балыыһа тутуутугар биэрбит харчыта бааҥҥа сытан 35 тыһыынча солкуобай буолбутугар 1909 с. балыыһа дьиэтин тутан саҕалыыллар, онтулара 1911 с. үлэҕэ киирэн баран баһаарга умайан хаалар. Хос иккиһин тутаннар 1916 с. балыыһа үлэтин саҕалыыр. Ол курдук 1916 сыл кулун тутар 24 күнүгэр балыыһа дьиэтин докумуоннаһан туттарсаннар, ити күнтэн саҕалаан Сунтаар киин балыыһата төрүттэммит күнүнэн бэлиэтэнэр буолбут эбит.
Балыыһаны Иван Степанович Попов харчытынан тутуллубутун, кэриэс сурук ирдэбилинэн кини аата иҥэриллиэхтээҕин оччотооҕу улуус салалтата таһыччы умнар… Онтон революция саҕаланан сэбиэскэй былаас кэлэн балыыһаны төрүттээбит киһи аата сарсыардааҥҥы туман курдук симэлийэн сиик буолан сүтэн хаалбыта. Кини туттарбыт балыыһата Сунтаарга өрүс үрдүгэр хирургическай отделение куорпуһа буолан биир үйэ курдук турбутун көтүрэн, саҥа балыыһа дьиэтин туппуттара.
Билигин биһиги аныгы демократия кэмигэр олоробут. Онон кырдьык дагдайар кэмэ кэлэн турар. 140 сыл анараа өттүгэр саха дьоно доруобай, чөл олохтоох, сайдыылаах омук буолан сириэдийэ сайыннын диэн өтө көрөн билиҥҥи харчынан 675 мөлүйүөн солкуобайы буор босхо улуус хааһынатыгар биэрбит аар-саарга тиийэ биллибит киһибитин, кэриэс сурук сүрүн ирдэбилин толорон, Сунтаар улууһун киин балыыһатыгар Иван Степанович Попов аатын иҥэрэргэ кэмэ кэллэ диэн түмүк оҥоруохха сөп.
Сунтаар улууһун дьаһалтата уонна дьокутааттара, киин балыыһа кэлэктиибэ уонна салалтата, Бордоҥ нэһилиэгин администрацията уонна дьоно-сэргэтэ биир сүбэнэн Сунтаар улууһун үтүө киһитин улуустааҕы киин балыыһаҕа кини аатын иҥэрэн үйэтитиэхтэрэ диэн биир бэйэм эрэнэбин.
Иван Степанович Попов эдэр сааһыттан өлүөр диэри нэһилиэк кинээһинэн үлэлээн, мэлдьитин улуус дьонун-сэргэтин кыһалҕаларын кыһалҕа оҥостон билиҥҥи нэһилиэктэр, улуустар баһылыктарыгар холобур буолар дьоһуннаах киһи олорон ааспыт.
Виталий СЕМЕНОВ