Улуус баһылыгын дьыалабыай көрсүһүүлэриттэн

Улууспут баһылыга Анатолий Григорьев бу күннэргэ Дьокуускай куо­ракка үлэлии сылдьар. Үгүс дьыалабыай көрсүһүүттэн биирдэстэрэ дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Доруобуйа харыстабыла», «Үөрэҕирии», «Култуура» национальнай бырайыактар чэрчилэринэн улууспутугар тутулла турар эбийиэктэр тула кэпсэтии буолла.

СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьеваны кытары көрсүһүүтүгэр Элгээйи балыыһатын тула кэпсэтии барда. Бу эбийиэк СӨ судаарыстыбаннай сулууспатын сакааһынан тутуллар. Бэрэдээтчик «Северо-Восток Стройдизайн» буолар.

Ону сэргэ тутуу министиэристибэтин миниистирин бастакы солбуйааччы Евгений Афанасьевтыын Элгээйигэ тутуллан эрэр балыыһа уонна Сунтаарга тутуллуохтаах 450 миэстэлээх лиссиэй боппуруостарыгар үлэлэстэ.

Билигин бу икки тутууга үлэ барар. Ол эрээри, сим биир докумуон, үп-харчы о.д.а. тула көрсөр кыһалҕалары туоратыыга баһылык СӨ тутуутун министиэристибэтин кытары быһаарсыыта, чуолкайдаһыыта, туруорсуута кэпсэтиилэрэ түмүктээх буоларын эрэнэбит.

Эһиил Улуу Сибиэрэппит төрөөбүтэ 125 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэхпит. Онно өрөспүүбүлүкэ таһымнаах ыһыах ыһыллыахтаах. Бу үбүлүөйү саҥардыллыбыт, эбии тутуулардаах пааркалаах көрсөргэ үлэ барбыта добуочча буолла. Анатолий Васильевич «Моя Якутия в ХХI веке» үтүө дьыала хамсааһын салайааччыта Алексей Петровы кытары көрсүһэн, манна туһааннаах боппуруостары дьүүллэстилэр, кэпсэттилэр.

СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы миниистирэ Афанасий Ноевтыын көрсүһүүтүгэр Кириэстээххэ тутулла турар култуура киинин тула кэпсэтии барда. Манна даҕатан эттэххэ, бу эбийиэк тутуутугар быһаарыллыбатах боппуруос элбэх, докумуон да, тутуу барыытыгар да. Ону быһаарсан, дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин тус хонтуруолугар турар эбийиэк болдьоҕор бүтэн үлэҕэ киирэрин ситиһэр соруктаахпыт.

Яина ВЛАСЬЕВА

 

Читайте дальше