«Улахан тирэх буоларыгар эрэнэбин»

СӨ Ил Дархана «Олохтоох оҥорон таһаарыы уонна туризм» сайдыытыгар ылыммыт уурааҕын туһунан Сунтаардааҕы «Тирэх» ТХПК толорооччу дириэктэрэ Антонида Николаевна Барашкова санаатын үллэһиннэ:

— Олохтоох аһы-үөлү оҥоруу территорияларын тэрийии тыа сиригэр производство сайдыытыгар улахан төһүү буолуо. Олохтоох ас-үөл хаачыстыбата тупсан, кээмэйэ улаатан, кэлии аһы кытта күрэстэһэр кыаҕа улаатыа. Производство уонна туризм сайдыыта дьон тыа сиригэр тардыһан олохсуйуутугар, тыа сирэ чөлүгэр түһэригэр бу ыйаах инникитин улахан төһүү буоларыгар эрэнэбин.

«Сунтаар сонуннара» улуус хаһыата.

Читайте дальше