Атырдьах ыйын 31 күнүгэр, Куокуну нэһилиэгэр Улахан Табаҕа бааһыната тэриллибитэ 65 сылын үөрүүлээхтик бэлиэтээтилэр.
Бу үөрүүлээх күнү бэлиэтии ыраахтан-чугастан үгүс элбэх ыалдьыт кэлбит, ол курдук араас кэмнэргэ Табаҕаҕа үлэлээн ааспыт дьон, бэтэрээннэр, Арассыыйа Үлэ Дьоруойа Владимир Михайлов,
Сунтаар улууһун тыа хаһаайыстыбатын салайааччыта Владимир Анисимов, «Кириэстээх» ТХПК салайааччыта Владимир Егоров эҕэрдэ тыл эттилэр.
Бэлиэ күн искибиэр аһыллыытыттан саҕаланна. Ол курдук Табаҕа киирэн истэххэ, 65 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан «Сибиряк» зерно-уборочнай комбайны реставрациялаан өйдөбүл курдук туруорбуттар.
Үбүлүөйү бэлиэтиир чаас Табаҕа бааһынатыгар олус сонуннук тэрилиннэ. Бу күн Табаҕа тэриллиитин историята элбэхтик кэпсэннэ, үтүө үлэһиттэр, бэтэрээннэр чиэстэннилэр, наҕараада тутан астыннылар.
Табаҕа ыалдьыттара мааны сандалы тула олорон ирэ-хоро кэпсэттилэр, сэһэргэстилэр, урукку үтүө кэмнэри ахтан-санаан аастылар. Бу үтүө күҥҥэ айылҕа кытары мааны күнү бэлэхтээтэ, ырыа да ыланна, үҥкүү да үҥкүүлэннэ.
Дмитрий ЫМЫЧАНОВ