Улахан, иллээх дьиэ кэргэн

Саха сирин кыһыл көмүс дьиэ кэргэттирин кинигэтигэр киирбит ыаллартан биирдэстэрэ Сунтаар Бордоҥуттан 14 оҕолоох Галина, Афанасий Петровтар буолаллар. Кинилэр быйыл ыал буолан олорбуттара 51 сылын бэлиэтииллэр. Бу орто туруу бараан дойдуга ыал буолан олоруу, оҕо төрөтүү – үрдүк дьол, олоххо ситиһии. Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин бу сылы дьиэ кэргэн сылынан биллэрбитэ   мээнэҕэ буолбатах. Дьиэ кэргэн уопсастыба тутаах оҥкула буолар.  Элбэх оҕону иитии, үөрэттэрии, атахтарыгар туруоруу улахан сыраттан кэлэр.

Галиналаах Афанасий олох эдэр саастарыгар билсэн, доҕордоһон ыал буолбуттара.  18 саастаах кыыс – Галина оскуола кэнниттэн «оскуола-производство-үрдүк үөрэх» диэн этиинэн дэриэбинэтигэр кылааһын кытта сиэтиспитинэн фермаҕа үлэлии хаалбыта. Ол үлэлии сырыттахтарына аармыйаҕа сулууспалаан кэлбит сытыы-хотуу, киирбит-тахсыбыт, кэпсээннээх, элбэх дьээбэлээх Афанасий фермаҕа оробуочайынан үлэлии киирэр. Ол кэмтэн саҕаланар кинилэр дьоллоох олохторун остуоруйата. Эдэр оҕолор маҥнайгы таптал алыптаах иэйиитигэр куустаран ыал буоларга сананаллар. Билигин да бордоҥнор Галиналаах Афанасий билсэ сылдьар кэмнэрин истиҥник саныыллар. Кыратык күлэ түһүөххэ… Ол курдук, эдэр оҕолор үлэлэрин кэнниттэн кулуупка киинэ көрдөрөллөр эбит. Арай биирдэ киинэлэрэ «Конец фильма» диэнтэн саҕаламмыт. Ону олохтоохтор билиҥээҥҥэ диэри уос номоҕуттан түһэрбэккэ кэпсии сылдьалларын истиэххэ олус үчүгэй.

Үтүө күнүнэн, Галина уонна Афанасий! Афанасий, улахан дьиэ кэргэн аҕа баһылыга, дьиэ кэргэҥҥит туһунан билсиһиннэриэҥ дуо?

– Биһиги,  Петровтар, дьиэ кэргэн Бордоҥ нэһилиэгин төрүт олохтоохторо буолабыт. 14 оҕону күн сиригэр көрдөрбүппүт. Ийэбит уһуйааҥҥа 20-тэн тахса сыл повардаабыта, «Ытык ийэ» бэлиэ хаһаайката, СӨ ытык бэтэрээнэ. Мин сопхуоска мэхээнньигинэн, олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар тэрилтэҕэ үлэлээбитим. Сүөһү ииттибиппит. Билигин кыаммат буолан эспиппит. Кыргыттарбыт бары үрдүк үөрэхтээхтэр, сорохторбут иккилии үрдүк үөрэхтээхтэр. Оҕолорбут үөрэхтээх, дьоһун, үтүө үлэһит киһи буолбуттара бу биһиги Галиналыын олоххо улахан ситиһиибит диибит.

– Афанасийдаах Галина иккиэн тапталгыт суоһа билиҥҥээҥҥэ диэри уостубатах эбит. Афанасий Галинаны көрөргүттэн, кини туһунан истиҥник кэпсииргиттэн бу олоххо кырдьык таптал баар эбит диэн итэҕэйэҕин.

– Биһиги ийэбит – бу орто дойдуга саамай үчүгэй киһи. Туох да киэргэтиитэ, эбээһинэ суох этэбин. Галинаны көрсүбүппүттэн бэйэбин дьоллоох киһинэн ааҕынабын. Билигин да кини урукку кэрэтин сүтэрбэккэ сылдьар. Нэһилиэк култуурунай тэрээһинин көхтөөх кыттааччыта. Сыанаҕа билигин да үҥкүүлүүр, ыллыыр. Оҕолорбор мэлдьи этэр этиим ийэҕит сирдээҕи таҥараҕыт диэн.

(Кэпсэтиибитигэр Галина кыттыһар)

– Оҕолорбутугар таптыыр эрэ киһигэр кэргэн тахсыахтааххын, кэргэн ылыахтааххын диэн санааны, өйдөбүлү иҥэрбиппит. Оҕолорбут эмиэ оннук бары ыал буолан этэҥҥэ олороллор. Биһиги онтон олуһун үөрэбит. Элбэх сиэни, хос сиэни бэлэхтээтилэр. Эмиэ бары үөрэххэ тардыһыылаахтар, үлэһиттэр.

– Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн оҕолоро түмсүүтэ суох буолаллар диэн этэллэр. Оттон эһиги оҕолоргут олус түмсүүлээхтэр, эйэлээхтэр диэн көрөбүн.

– «Төрөппүт дьоло – оҕото» диэн этэллэр. Ол курдук, биһиги эмиэ оҕолорбутун кими да араарбакка, туораппакка иитэргэ кыһаллыбыппыт. Үлэнэн, бэйэ холобурунан ииппиппит. Сайын бары оттоон, балыктаан, сир астаан. Үлэҕэ, сынньалаҥҥа бары бииргэ сылдьабыт. Дьоҥҥо убаастабыллаахтык, үтүө сыһыаннаах буола улааталларыгар баҕарар этибит, оннугу даҕаны бэйэлэрин икки ардыларын сыһыаныгар ирдиир этибит. Онон да буолуо оҕолорбут улаатан баран кими да кытта сибээстэрин быспакка, түмсүүлээхтик сылдьаллар. Ыһыахтарга хорчуоппаҕа эмиэ бииргэ үлэлииллэр. Ити эмиэ биһиги такайыыбыт. Ийэбит Галина аска сыстаҕас буолан кыргыттары сыһыарбыта. Билигин бу үөрүйэхтэрэ олохторугар туһалыырыгар саарбахтаабаппын. Элбэх кыргыттардаах буоламмыт кырдьар сааспытыгар абыранныбыт. Былырыын оҕолорбут, сиэннэрбит буолан Турцияҕа сынньаммыппыт. Бу  оҕолорбут бииргэ олорбуппут 50 сылыгар бэлэхтэрэ этэ. Ол олоҕум умнуллубат, чаҕылхай түгэнэ буолла. Билигин оҕолорбут бэлиэ, дьоһун саастарын бэлиэтээн эрэллэр. Улахан, элбэх киһилээх дьоро түгэн тэрээһинин бииргэ төрөөбүттэр буолан ааһан иһэн кыайа-хото туталлар. Оннук тутуспутунан бары араас үлэни-хамнаһы түргэнник, түмсүүлээхтик үмүрүтэллэр.

– Биһиги аҕабыт Афанасий олус көрдөөх, кэпсээннээх киһи. Улаханнык тугу да уустугурдубакка араас кыһалҕабытын быһааран иһэр. Оҕолорбор, сиэннэрбэр үтүө холобур буолар. Иккиэн Бордоҥ нэһилиэгин бочуоттаах олохтоохторобут, аҕабыт тыа хаһаайыстыбатын анал бэлиэтин хаһаайына буолар. Уһуннук, дьоллоохтук олоруу кистэлэҥэ бэйэ-бэйэҕэ убаастабылга, үтүө сыһыаҥҥа, тапталга  сытар дии саныыбыт.

 

Мира АФАНАСЬЕВА

Читайте дальше