Сааскы маҥнайгы бырааһынньыгы көрсө кулун тутар 8 күнүгэр Уһун Күөл нэһилиэгин «Сарыал» култуура киинигэр «Далбар Хотун» күрэс өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытылынна. Бу манна нэһилиэкпит биэс Далбара кытынна. Көрөөччүлэр далбардар сценаҕа тахсыыларын күүстээх ытыс тыаһынан көрүстүлэр.
Күрэс 4 түһүмэхтэн турда. Ол курдук, бэйэни билиһиннэрии, талба талаан, ас астааһына, киэһээҥҥи таҥаска муода көрдөрүүтэ буолла. Бары даҕаны талбыт курдук киһи сөҕүөх талааннаахтара, бииртэн-биир дьикти айылгылаахтара дьону сөхтөрдө. Светлана Павлова, нэһилиэкпит биир талааннаах киһитэ, улахан хаһаайыстыбаны тутан олорор. Иллэҥ кэмигэр хоһоон суруйар. Күрэскэ анаан эрдэттэн таҥас сакаастаан тиктэрэн, эдэр сылдьан ыллаабыт ырыатын ыллаан көрөөччүлэри сөхтөрдө. Кистэлэҥ талааннаах РозалияЧирикова нарыннык-намчытык ыллаата. Мария Неустроева индийскэйдии үҥкүүлээтэ. Таҥаһа-саба, имигэстик үҥкүүлүүрэ — көрөөччүлэр дьиҥнээхтии Индияҕа сылдьар курдук сананнылар. Зоя Григорьева дьиэ кэргэнинэн, аймахтара, оҕолоро, сиэннэрэ бары кэлэн көмөлөһөн, саҥаран-иҥэрэн, хоһоонунан дьүһүйүүнү көрдөрдүлэр, саалаҕа олорор дьон олус сэргээтэ. Бүтэһик түһүмэххэ далбардар киэһээҥҥи мааны таҥаһы таҥнан, аа-дьуо долгулдьуйа устан киирбиттэригэр, хайдах курдук саха дьахтара кэрэтин өссө төгүл бигэргэттэ. Дьүүллүүр сүбэ күрэс кыттыылаахтара дьиэҕэ астаан аҕалбыт сандалыларын аһын , таҥастарын-саптарын, сатабылларын уонна дьоҕурдарын сыаналаата. Зоя Григорьева «Далбар Хотун» үрдүк аатын ылла уонна «Сунтаравтодор» туруорбут иистэнэр массыына бирииһин тутта.
Бу тэрээһиҥҥэ нэһилиэкпититтэн төрүттээх элбэх эр киһи харчы ыытаннар, сибэкки атыылаһан кулууппутун киэргэттибит.
Ити курдук Далбар Хотуттарбыт бииртэн биир ураты талааннаахтарын, киһи сатаабата, кыайбата суоҕун, ыал ийэтин быһыытынан кэнчээри ыччаттарыгар үтүө холобуру эрэ көрдөрө сылдьалларын күрэс түһүмэхтэрэ бигэтик итэҕэттилэр. Күрэспитин Дьаархантан ыалдьыт, талааннаах ырыаһыт Стас Архипов ылбаҕай ырыатынан киэргэттэ.
Бирииһинэн спонсордаабыт «Сунтаравтодор» Сардана Трофимоваҕа, олохтоох дьаһалта, уһуйаан, оскуола, балыыһа, кулууп кэлэктииптэригэр, кыттааччы Далбардар аймахтарыгар, дьүөгэлэригэр, Розалия Бочугуроваҕа, «Гамма» маҕаһыын ИП Н.И.Егороваҕа, «Сайдам» маҕаһыын ИП М.С.Павловаҕа, «Дэлэй» маҕаһыын ИП Р.М.Ордаховка, «Кристина» маҕаһыын ИП Е.Е.Саввиновка, ИП М. И. Степановка күүс-көмө буолбуккутугар барҕа махтал буолуохтун.
Веталина КОНСТАНТИНОВА,
«Сарыал» КК дириэктэрэ