«Уһук Илин ипотеканан дьиэ атыылаһар кыахтанным» диир эдэр аҕа

Кыбартыыра атыылаһарга, дьиэни-уоту туттууга үгүс-үтүмэн үп-харчы наада. Киһи барыта билигин халыҥ хармааннаах буолбатаҕа биллэр. Аны баантан харчы ылыаххын, кирэдьиит бырыһыана үрдүгүн этэ да барыллыбат. Манна Уһук Илин олохтоохторугар анаммыт  «Дальневосточнай ипотека»  бырагыраамата  элбэх дьону абырыыра саарбаҕа суох. Уһук Илиҥҥи ипотеканы эдэр ыал, учууталлар, медиктэр, «Дальневосточнай гектарга» киирсибиттэр, ДНР-тан, ЛНР-тан көһөн кэлээччилэр туһаналлар. Эдэр ыалга оҕолорун соҕотох иитэр ийэлэр, оҕолоох аҕалар кытары киирсэллэр.

Биһиги улууспутугар аҕыйаҕа суох киһи бу бырагырааманан туһанан дьиэ атыыласпыта, туттубута биллэр.

Холобур, үрдүк үөрэҕи бүтэрэн, идэтинэн биир улахан тэрилтэҕэ саҥа үлэлээн эрэр исписэлиис Владислав Иванов бу бырагырааманан куоракка саҥа тутуллан эрэр дьиэҕэ кыбартыыра ылбыт:

— Уһун Илиҥҥи ипотеканан туһанан бэйэм санаам сытар, сөбүлээбит оройуоммар дьиэ ылан эрэбин. Онтум билигин тутулла турар. Этэҥҥэ буоллаҕына, эһиил киириэм диэн бүччүм санаалаах күүтэ сылдьабын.

Мин үөрэхпин бүтэрээт, идэбинэн үлэлээбитим быйыл саҥа үһүс сылыгар барда. Аны үлэлиир, билигин олорор куораппар бас билэр дьиэтэ суохпун, ыал дьиэтин уларсан олоробун. Ол иһин үлэҕэ киирээт да, бэйэм дьиэлэннэхпинэ сатанар диэн толкуйдаабытым. Элбэхтик үөрэтэн, толкуйдаан баран, эдэр киһи бу Дальневосточнай ипотека бырагырааматынан дьиэлэнэр эбиппин диэн санааҕа киирбитим. Аны, билэрбит курдук, ипотеканан дьиэ атыылаһарга бастакы усунуоһа баара миигин «атахтаабыта». Саҥа үлэлээн эрэр киһи туох-ханнык уурунуу, мунньунуу харчыланыахпыный. Аны төрөппүттэрбиттэн көрдүөхпүн санаам буолбата. Бачча сааспар диэри иитэн-харайан, үөрэхтээх киһи оҥордохторо,  олоҕум киэҥ аартыгар сирдээн биэрдэхтэрэ дии. Аны «харчынан көмөлөһүҥ» диэн көрдөһүөхпүн туттуммутум. Хамнаспыттан мунньунан, өрөбүллэрбэр атын туох үлэ көстөрүнэн харчылаһан син добуочча үптэнэммин, бастакы усунуоспар чугаһаппытым. Ол мин мунньунуохпар диэри дьиэ сыаната үрдээн хаалла, ол сиэринэн усунуос да үрдээтэ. Аккааспын биллэриэх курдук буолан иһэммин, арай Дьокуускай куоракка баар тэрилтэ саҥа тутар дьиэлэрин Уһук Илиҥҥи ипотеканан атыылыырын туһунан биллим. Тутатына онно эрийэн билистим, хата, мин онно хапсар эбиппин, били “отец с ребенком” диэн статуһунан. Аны саамай сүрүнэ –  бастакы усунуоһа суох буолан биэрдэ. Онон түргэнник хамсанан, консультациялаһан, куоракка тутулла турар дьиэлэртэн биири талан ыллым. Дьэ ити курдук, ипотекаҕа киирэн, билигин төлүү сылдьабын. Үлэлиир киһиэхэ ыйдааҕы төлөбүрүм ама курдук. Онон бу маннык бырагыраама баара эдэр дьоҥҥо олус табыгастаах дии санаатым.

Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин РФ бырабыыталыстыбатыгар «Уһук Илиҥҥи ипотеканы» 2030 сылга диэри уһатарга сорудахтаабыта. Инньэ гынан бу көдьүүстээх федеральнай көмөнөн инникитин дьиэлэниэн баҕалаахтар салгыы туһанар кыахтаммыттара үөрдэр.

 #5летразвитияДФО

Яина Власьева

Читайте дальше